Быыбар үлэтин тэрийээччилэри үөрэтии саҕаланна
Бэҕэһээҥиттэн Быыбар киин хамыыһыйатыгар территориальнай уонна уокуруктааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар бэрэссэдээтэллэрин үөрэтии саҕаланна.
Быыбары тэрийээччилэри үөрэтии сокуон уларыйыыларын кытары сибээстээх уонна хамыыһыйа хас биирдии таһымын үлэтэ уратылааҕынан, ону билиһиннэриигэ туһуланна. Ол туһунан Быыбар киин хамыыһыйата иһитиннэрэр.
Ол курдук бэҕэһээҥиттэн Быыбар киин хамыыһыйатыгар элбэх киһи тоҕуоруһар. Биир кэлим куоластааһын күнүн иннинэ үөрэтэр семинар саҕаланна. Территориальнай уонна уокуруктааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар бэрэссэдээтэллэрэ үгүстэрэ кэлбиттэр.
СӨ Быыбар киин хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров: «Быйыл күһүҥҥү быыбардар илин-кэлин түсүһүүлэрдээх уонна тыҥааһыннаах буолуохтара. Биһиги сүрүн сорукпут – быыбар сокуонун ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн куоластааһыны аһаҕастык, дьэҥкэтик ыытыахтаахпыт, тэрийэхтээхпит».
Манна эбэн эттэххэ, бэҕэһээ, бэс ыйын 14 күнүгэр Дьокуускай куорат Дууматын 50-с уочараттаах сиэссийэтигэр Дьокуускай куорат дьокутааттарын быыбарын 2023 сыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр аныырга быһаардылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: