Салгыы
Быырпахха саба түһүү саҕаланна дуо?

Быырпахха саба түһүү саҕаланна дуо?

09.03.2024, 17:00
Василий Прокопьев хаартыската
Бөлөххө киир:

Норуот дьокутааттара «ИП Борисов» быырпаҕын атыыга боборго этии киллэрдилэр

СӨ Урбаанын уонна СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэлэрэ бииргэ үлэлэһэн, лабораторнай чинчийиилэрин түмүгүнэн, «ИП Борисов» быырпаҕа 5% испиирдээҕэ быһаарылынна.  Бу быырпаҕы бобор туһунан этиини өрөспүүбүлүкэ социальнай ситимнэригэр утарсааччы да, өйөөччү да элбэх.

Быырпах – ынах үүтүн аһытан көөнньөрөн оҥоһуллубут утах, ынах үүтүн кымыһа. Сахаларга ынах үүтэ биэ үүтүнээҕэр дэлэгэй буолан, бу утах ордук тарҕаммыт.

Ыччаты сүһүрдүмэҥ!

Саха сирин сонуннарын сэҥээрээччилэр «ИП Борисов» быырпаҕын арыгы утаҕын көрүҥэр киллэрэр наадалааҕын суруйдулар. Ону сэргэ үксүн ыччат хас бээтинсэ ахсын бу үүт бородууксуйатын сөбүлээн буолбакка, аһыы утахха атын интэриэстээх буолан атыылаһарын бэлиэтээтилэр.

Былыр-былыргыттан кы­­мыс уонна быырпах – саха дьонун төрөөбүт төрүт астара. Балаҕан аайы баар ыал Далбар хотуттара ону-маны булку­йан, аһытан, уохтаах быырпах оҥорон, алаас-алааһынан дьону-сэр­гэни күндүлүүллэрэ. Билигин даҕаны, быырпах – үрүҥ ас биир туһалаах утаҕа диэн чинчийиллэн, бу бородууксуйанан дьарыктаныан баҕалаахтары хааччахтаабакка, Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайын­нарыытын бырагырааматын иһинэн өйүүллэр, көмө оҥороллор. Ол курдук, кэнники сылларга үрүҥ аһы дэлэтээччилэр ахсаана биллэрдик элбиир. Манна биири бэлиэ­тиир наадалаах, аһытыллыбыт үрүҥ ас састаабын уларыттахха, харайыы болдьоҕун тутус­патахха, көөнньүбүт утах кыра кыраадыстаах «үүт пиибэтигэр» ханыылыы утахха улары­йара баар чахчы. Ол кистэл буол­батах,  үгүс быырпах бэйэтэ арыгыга тэҥнээх.

«Үүт пиибэтигэр» убаныы

Сахабыт сиригэр «Чөл олох түөлбэтинэн» биллэриллибит, арыгы атыытын тохтоппут нэһилиэктэр аҕыйаҕа суох­тар. Арыгыны утары хампаан­ньа үчүгэй көрдөрүүлээҕэ харахха быраҕыллар. Арай аһыы утахха убаммыт киһи үксүн суос­таах ыарыыга ытарчалыы ылларбыт буолан, «үүт пиибэтигэр» көһөн, Сахабыт сиригэр «ИП Борисов» быырпаҕа хамаҕатык атыыланарыттан өһүргэнэр, утарылаһар сатаммат. Хомойуох иһин, бу – олоххо баар чахчы. Атыы-эргиэн хаһаайыттара бэйэлэрэ да этэл­лэринэн, сарсыарда өттүгэр аһыы утах хабалатыгар ылларбыттар «ИП Борисов» быыр­паҕын сыаллаан-сорук­таан иһэллэр. Сорох түгэннэргэ оҕолорго, үүнэн эрэр кэнчээри ыччакка туттаран ыыталлар. Дьиҥэр, быырпах этикиэккэтигэр ыйылла сылдьарынан, оҕо күүтэр дьахтар, тырааныспары ыытар суоппар, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕо бу утаҕы иһэрэ бобуулах.

«Кыраадыһы» – хонтуруолга

Ханнык баҕарар утах састаабыгар этиловай ис­­пиир 1,5%-тан ордук буоллаҕына, арыгылаах эбэтэр испиир­дээх утаҕынан ааҕыллар. Испиирдээх утахтар хас да көрүҥҥэ, кыра испиир­дээҕэ – вино, пиибэ уонна коктейл­лэр; уохтааҕа – буок­ка, ром, джин, коньяк, бренди, ликер, бальзам уо.д.а., арахсаллар. Бу испииһэккэ испии­­рин нуормата 0,5%-тан 1,2% диэрини куоһарбат утах киирбэт. Оччотугар сидр, медовуха, мүөттээх винолар курдук быырпахха эмиэ лиссиэнси­йэлээһини, маркировкалааһыны, атыыланар болдьоҕунан уонна миэс­тэтинэн хааччах­тааһыннары киллэрии ирдэммэт. Арай биллэр төрүөтүнэн, «ИП Борисов» уохтаах быырпаҕар кэккэ боппуруос­тар үөскүүллэр.

Дьиксиннэрэр сибики

Ити барыта дьиксиннэрэр сибикилээх. Ханнык баҕарар аһы-үөлү кээмэйэ, кэмэ суох иһэр-аһыыр үчүгэйгэ тиэрдибэт. Ону таһынан, саха төрүт аспытын сөргүтүөх оннугар, уларыта тутуу, дьүөрэтэ суоҕун ааһан, төттөрүтүн охсуулаах буолуон сөп. Билигин кымыс кэнниттэн быырпах, арыылаах саламаат, алаа­дьы, сэлиэйдээх миин, үөлүллүбүт собо, мунду саха киһитигэр бастыҥ мааны астар буолаллар. Дьиҥэр, быырпах микробиологическай, химичес­кэй састаабынан уонна киһи организмыгар суолтатынан биэ кымыһыттан атыннардаах. Киһи куртаҕын, оһоҕоһун кислотноһын үрдэтэн, аһы буһарарга көмөлөһөр. Оттон аныгы үйэ сахалара «үүт пиибэтигэр» ханыылыы утахха уларыта тутан, ааһа баран, үлүһү­йэн буолан эрэллэрэ хомолтолоох. Аһыы утаҕы сырса сылдьан иһии куһаҕаннардааҕын уонна бу астан ханна да куотан быыһаммаппытын эбэтэр ол-бу онон-манан хааччахтаммаппытын билинэбит. Арай тус бэйэбит арыгыны иһии култууратын сайыннаран, саҥалыы быһаарыныы ылыннахпытына табыллар. Арыгыга ылларбат, арыгыһыт буолбат туһугар кытаанах санаалаах, тулуур­даах, өһөс, арыгыны аһара испэттэн туттунар күүстээх буоларбыт ирдэнэр.

Онон, сотору кэминэн Ил Түмэн урбааҥҥа, туризмҥа уонна инфраструктура сайдыытыгар сис кэмитиэтэ “төгүрүк остуолу” тэрийэн, бу сытыы боппуруоска дьүүллэһии ыытарын былаанныыра хайҕаллаах. Манна бары да кэриэтэ көхтөөхтүк кыттыахтарын, бэйэ санааларын этиниэхтэрин, этиилэрин киллиэриэхтэрин наада.

Андрей Находкин, Ил Түмэн Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэми­тиэтин бэрэссэдээтэлэ:

– Быырпаҕы иһэн баран, айан суолугар массыына уруулугар олорбут суоппардары ГИБДД иниспиэктэрдэрэ бэрэбиэркэлээн, ыстарааптыыр түгэннэрэ тахса тураллар. Бэрэбиэркэ хааннарыгар арыгы баарын туоһуулуур. Аны туран, туох кис­тэлэ кэлиэй, улаханнык испит дьон, сарсыҥҥы күнүгэр быырпаҕынан «абырахтаналлара» эмиэ баар суол. Тоҕо диэтэр, быырпаҕы арыгы курдук бириэмэнэн хааччахтааһын суох, бородуукта маҕаһыына арылынна да атыыга мэлдьи баар. Онтон сокуоннай саастарын ситэ илик ыччаттарбыт быырпаҕы сөбүлээн иһэллэрин хаһан да көрө иликпин, баҕар, баара буолуо. Итинтэн туох түмүгү оҥоруохха сөбүй? Ол аата, билиҥҥитэ быырпах састаабыгар туох кутуллуох­тааҕын, хайдах оҥоһуллуох­тааҕын туһунан биир уопсай ирдэбил суоҕун туоһута буолар. Соторутааҕыта тэриллибит Саха сиринээҕи аһылык технологиятын киинэ ити боппуруоһунан ылсан, дьарыктанара наада буолбут. Чуолаан, быырпаҕы оҥорон таһаарааччылартан хомуйан, кимиэнэ көҥүллэнэр кыраадыс ирдэбилигэр эппиэттиирин, атыттарга аһары барарын уонна онно ханнык технология туттулларын быһаарыахха сөп. Уопсайынан, төрүт аспытын кымыһы уонна туох да нуормата суох оҥоһуллар быырпаҕы буккуйумуохха наада. Кымыс диэн саха норуотун төрүт аһа буоллаҕа. Дьэ, ити эрэ кэннэ, быырпахха доруоһа эбэтэр арыгы кутуллан, технологияны куруубайдык кэһии тахсыбыта дакаастаннаҕына, туһааннаах дьаһаллары ылынар сөптөөх. Сэрэйэн көрөн кэпсэтии, кими эрэ буруйдааһын сатаммат.

Евгений Кривошапкин, урбаанньыт:

– Быырпаҕы бобуохха наада диэн буолла. «Үүт пиибэтэ» диэн быһаардылар. Холобур, дьүүллэһиигэ «ИП Борисов» оҥорон таһаарар утаҕа кэпсэтиигэ таҕыста. Дьон-сэргэ эмиэ бу тиэмэҕэ санаатын социальнай ситимҥэ суруйан этиннэ. Оттон, мин санаабар, быырпаҕы оҥорууну бобуу наадата суох! Нуормаҕа эппиэттиир «стандартизация» диэн баар буолуохтаах. Саха былыр арыгы диэни билбэт этэ. Ол кэмнэргэ куртах ирдиир аһытыытын кымыһынан, ымдаанынан толорунара, уо.д.а. үүттэн көөнньөрүллүбүт аһы оҥостон иһэрэ. Манна «алкогольное лобби» диэн өйдөбүл үлэлээбит курдук. Ол эбэтэр, дьон арыгыны иһэрэ аччаан, алдьатыылаах атыылара-эргиэннэрэ тохтоору хаайан, быырпахха «саба түһүү» саҕаланна.

+1
15
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: