Иван Луцкан хаартыската.
Саха сирин офтальмолог-быраастара түөрт хонук иһигэр Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ 258 харах эпэрээссийэтин оҥордулар.
Бу туһунан ДНӨ доруобуйатын харыстабылын миниистирэ Дмитрий Гарцев:
«Мариупольга Саха сирин офтальмолог-быраастара түөрт хонук устатыгар рекордка киирэр элбэх ахсааннаах, ол эбэтэр 258 харах эпэрээссийэтин оҥордулар. Хирург-быраастар эпэрээсийэлиир хостон тахсыбакка үлэлээтилэр. Хас биирдии хирург-быраас 25-тии эпэрээссийэни оҥордо. Бу бэйэни харыстаммакка үлэлээһин буолар», — диэн иһитиннэрдэ. Кини бэлиэтииринэн, Саха сирин быраастарыгар улахан наҕарааданан — Донбасс олохтоохторун махтала буолар. Дьон махтанан ытамньыйбыттар. Бэлиэтээн суруйдахха, офтальмолог-быраастар ДНӨ номнуо үһүс сырыылара буолар. Бастакы сырыыларыгар кинилэр Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан кэлэн, Кировскай куоракка үлэлээбиттэрэ.
Эпэрээссийэ оҥорор бары тэриллэрин быраастар Саха сириттэн илдьэ барбыттара. Ол курдук уопсайа икки туонна кэриҥэ ыйааһыннаах тэриллэри илдьэн быраастар үлэлээтилэр. Саха сирин өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын сүрүн бырааһа Иван Луцкан:
«Харахтарын эпэрээссийэлэтэ араас оройуоннартан кэлбиттэрэ. Мариупольга олус уустук эпэрээссийэлэр оҥоһулуннулар. Олохтоохтор махтаннылар«, — диэн иһитиннэрдэ.
Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …
Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…
Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…
2025 сыл бастыҥ спортсменынан тустуук Лев Павловы саарбахтаабакка ааттыыбыт. Ахсынньыга ыытыллыбыт Чөмпүйүөннэр баалларыгар “Сыл бастыҥ…
Куйаар ситиминэн «Санаа быраас» диэн илии баттааһыннаах тэттик суруйуулар кэлэр буолбуттара балай да кэм буолла.…