Чакырдар отчуокка эбии олоппос киллэрэн олордулар

Share

Амма улууһун Чакыр нэһилиэгэ өрүс уҥуор сытар соҕотох нэһилиэк буолар. Нэһилиэнньэтин ахсаана биэс сүүсчэкэҕэ аҕыйах киһинэн тиийбэт эбит. Ситэриилээх былаас үлэтин отчуотугар олорор миэстэ тиийбэккэ, аан хостон эбии киллэрэн олордулар.

Дьэ, тугу ыйыталаһаллар, этинэллэр, туруорсаллар эбитий? Үрдүк күүрүүлээх уот, нэһилиэк иһинээҕи аппа, суол оҥоруута, өрүһү туоруур күргэ, ноһуом, бэтэринээрийэ, оттук мас, гараас төлөбүрэ, элбэх оҕолоохторго чэпчэтии, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин дьиэнэн хааччыйыы, миграннар, уо.д.а. ыйытыыны биэрдилэр. Манна барытыгар сиһилии хоруйдары ыллылар.

Бэтэринээрийэ өҥөтө кэлин үүнэ-тэһиинэ суох улааппытын, бэтэринээрдэри ыҥырдахха кэлэллэр эрээри,  бастакы көмө оҥорорго ирдэнэр эмптэрэ суоҕун, бэйэҕит булуҥ дииллэрин, ынахтаах киһи ыксалга эмп көрдүү сүүрэрэ кыаллыбатын олохтоох киһи тус бэйэтин холобуруттан үллэһиннэ. Маныаха Бэтэринээрийэ департаменын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Петр Петров: “Бэтэринээрийэ сулууспата хас сылын аайы хас улуус аайы департамент нөҥүө сөбүлэҥ ылан баран бу тарыыптарын бигэргэтэр, улуус бэтэринээрийэҕэ бырааһа. Бүддьүөттэн биһиэхэ хамнаспыт, олох-дьаһах өҥөтүн ороскуоппутун уонна  икки сылга биирдэ айан төлөбүрүн сабаллар. Эмп харчытын бэйэҕит оҥостунуохтааххыт диэн баар. Ол иһин управлениеларбыт оҥорбут үптэрин эргитэллэр, атын эрэгийиэннэртэн эмтэрин атыылаһаллар. Биллэн турар, эһиги этиигитин кытта сөпсөһөбүн – бэтэринээр бэйэтэ эмтээх-томтоох кэлиэхтээх. Бу боппуруоһу хонтуруолга ылыам, быһаарсыахпыт” – диэн быһаарда.

Хаартыскаҕа ЛЮдмила Попова түһэриитэ

Сылбаҕы оттук мас оннугар туһаныы туһунан ыйыттылар. Сылбах туһунан сокуон киирбитэ хаһыс даҕаны сыла буолла, ити боппуруос өрөспүүбүлүкэ сокуонугар эмиэ киирбитин туһунан Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ойуур хаһаайыстыбатыгар департаменын салайааччыта Андрей Михайлов сылы быһа сылбаҕы бэлэмниэххэ сөп, ойуур хаһаайыстыбата итини син биир хонтуруоллуур диэн эттэ. Амматааҕы ойуур хаһаайыстыбатын салайааччыта Николай Иванов биһиги сылбаҕы биэрэбит, бэйэҕитин көмүскэнэн Амматтан даҕаны, нэһилиэк даҕаны маастарыттан ыспыраапката ылыҥ уонна хаартыскаҕа түһэриҥ диэн эттэ. Аны маны тыраахтарынан киирэн соһор табыллыбатын, бу үүнэн эрэр маһы алдьатарын быһаарда.

Хаартыскаларга Людмила Попова түһэриитэ

Нэһилиэнньэ, уопсайа, сүүрбэччэ ыйытыыны биэрдэ, барытыгар сиһилии хоруйу ылла. Итиэннэ ситэриилээх былааска бэйэлэрин санааларын, толкуйдарын тириэртилэр.

Хаартыскаларга ааптар түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

10 часов ago