Чечняҕа Владимир Путин аатынан саҥа оройуон баар буолуоҕа

Share

Чечня баһылыга Рамзан Кадыров Грознайга саҥа оройуон РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин аатын сүгүө диэн иһитиннэрдэ.

Рамзан Кадыров этэринэн, саҥа тэриллэр оройуон учаастага 200 гектартан тахса иэннээх, онно 130-ча кэриҥэ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр, оҕо уһуйааннара, мечеттэр, социальнай инфраструктура эбийиэктэрэ тутуллуохтара.
«Грознайга саҥа оройуону Владимир Путин аатынан ааттыырга быһаарыы Чечня норуота сүгүрүйэллэринэн уонна аатын үйэтитэр баҕалаахтарынан ылылынна», — диэн эттэ эрэгийиэн баһылыга.

Санаттаха, 2008 сыллаахха Грознайга киин проспегы Владимир Путин аатынан уларыппыттара. Ону таһынан, 2020 с. Чечня национальнай Дьоруойдарын чиэһигэр Грознайга 4 оройуон аатын уларытан оҥорбуттара — Ахматовскай, Байсангуровскай, Шейх-Мансуровскай уонна Висаитовскай. Бу туһунан ТАСС суруйда

Билигин оройуон тутуутун бастакы түһүмэҕэ ыытыллар, ол кэннэ  70 тыһыынча кэриҥэ киһи саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин тутуохтара. Саҥа дьиэлэр 40% кыбартыыралара хайыы-үйэ атыыланан бүппүт. Чечня баһылыга быһаарбытынан, кыбартыыралар ислам нуорматынан болдьохторунан бысталаан төлүүргэ  бырыһыана суох атыыланаллар.

Грознай – Махачкала, Ставрополь куораттарын кэнниттэн Хотугулуу- Кавказ Федеральнай уокуругугар нэһилиэнньэтин ахсаанынан үһүс бөдөҥ куората. Манна статистика дааннайынан 331 тыһыынчаттан тахса киһи олорор.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка 1964 с.т. эр киһини өлөрдүлэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Хаҥалас улууһугар "Улуу…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Сергеевич Николаев РФ Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлиир

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Арассыыйа Конституциятын күнэ

Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…

50 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Халымаҕа бокуонньук суоппар гарааһын халаабыттар

Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

12 часов ago