Чэгиэн-чэбдик буолуҥ
29.12.2024, 17:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:
Киһи этэҥҥэ сырыттаҕына, чэгиэн буоллаҕына тугу барытын кыайа-хото тутар. Онон тумуу киирдэҕинэ, тымныйдахха тугунан эмтэнэ охсон аһарыахха сөп эбитий?
Тумууга
- Дьаҥ-дьаһах элбээн эрдэҕинэ, С битэмиини сиир ордук. Таһырдьаттан киирдэххитинэ, муннугутун ыраас уунан сайҕааҥ.
- Тумуу киирдэҕинэ чесноктаах арыыны туттуҥ. Чеснок биир өлүүскэтигэр биир ост.ньуоска мас арыытын кутан хас да чаас туруоруҥ. Ол кэнниттэн муннугутугар биирдии хаапыланы кутуҥ.
- Тумуу киирэрин кытта тута хартыыһа бороһуогун сылаас ууга хойуу гына булкуйан, ититэн баран тиҥилэххэ сыһыарыллар, фланель таҥаһынан баайыллар. Итиэннэ халыҥ наскыны кэтиллэр. Маннык кэмпириэһи тиҥилэҕи «уматарын» үрдүнэн, чаастан ордук устуллубат. Бириэмэтэ туолбутун кэнниттэн, атаҕы сылаас уунан сууйуллар, сотуллар уонна эмиэ сылаас наскыны кэтиллэр. Оннук наскылаах утуйаҕыт.
Лимонунан эмтэниэххэ
Биир саамай туһалаах фруктанан лимон буолар. Онно туһалаах бэссэстибэлэр бааллар.
- А — пробитэмиин, С битэмиин уонна флавоноидтар — араас вирустан уонна микробтан харыстыыллар.
- В1 уонна В2 битэмииннэр — аһы буһарар уоргаҥҥа туһалаахтар.
- Д битэмиин —оҕо улаатарыгар, уҥуоҕа кытаатарыгар туһалаах.
Бу ааттаммыт битэмииннэр киһи этин-хаанын сыстыганнаах ыарыыттан көмүскүүллэр. Оннооҕор саастаахтар харахтара мөлтөөтөҕүнэ,лимон сиэтэхтэринэ, көрөллөрө аматыйар. Көмпүүтэргэ үлэлиир дьон харахтарын эмиэ харыстыыр.
Саха ыалын халандаардарыттан, 2007, 2023 сс.
«Айар» кинигэ кыһата.
+1
1
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: