Чэгиэн: доруобай буолуу төрдө
Оҕо саастарыттан успуордунан дьарыктамматахтар эбэтэр доруобуйаларын туруга мөлтөх дьон тугу гыныахтарын сөбүй?
Кинилэргэ анаан сүүрүү-хамсаныы аҥаардаах гимнастиканан дьарыктаналларыгар сүбэлиибит.
Биир сиргэ туран эрэ сүүрүү: илиигит (ытыскыт) өттүккүтүгэр . Тиҥилэххит эрэ сиртэн тэйэр. Биир сиргэ туран эрэ эбэтэр бэрт кыра сиргэ тэпсэҥнээн сүүрүү.
Сотону кэннигэр быраҕан сүүрүү: сотоҕутун төһө кыалларынан кэннигэр быраҕыҥ. Тиҥилэххитинэн самыыгытын таарыйа сатааҥ.
Чохчоҥнооһун: атаххытын санныгыт кэтитин саҕа киэҥник быраҕан туруҥ. Чохчойон олоруҥ. Илиигитин иннигит диэки уунуҥ. Сөпкө тыыныҥ. Олорор кэмҥэ тыыҥҥытын таһаарыҥ. Турар кэмҥэ өрө тыыныҥ.
Онтон маны төттөрү оҥоруҥ. Кэлэр чохчойон олорууга тыыҥҥытын 2-3 мүн. хаайыҥ. Арыый үөһэ эбэтэр букатын аллараа (тилэххитинэн самыыгытын таарыйар курдук) чохчоҥнуохха (хайата кыалларынан) сөп.
«Доруобуйаҥ — бэйэҥ илиигэр» кинигэттэн.
«Бичик» кинигэ кыһата, 2015 с.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: