Салгыы
Чэпчэтиилээх билиэттэри ханнык авиахампаанньалар атыылыыллара быһаарылынна

Чэпчэтиилээх билиэттэри ханнык авиахампаанньалар атыылыыллара быһаарылынна

Ааптар:
28.11.2022, 15:41
Бөлөххө киир:

Росавиация 2023 сылга ханнык авиахампаанньалар анал субсидиянан (чэпчэтиилээх билиэттэр) дьону таһыахтаахтарын быһаарда, түмүгү таһаарда. 

Онон 2023 сылга дьону таһыыга анал субсидияны туһаныыга маннык авиахампаанньалар хабыллыбыттар.

«Якутия» авиахампаанньа (Дьокуускайтан Владивостокка, Екатеринбурга, Красноярскайга, Минеральные Воды куоракка, Омскайга, Новосибирскайга, Санкт-Петербурга, Сочига, Южнай-Сахалиҥҥа уонна Нерюнгриттэн Москваҕа, Новосибирскайга көтүүгэ);

«АЛРОСА» авиахампаанньа (Мииринэйтэн Москваҕа, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга, Полярнайтан Москваҕа, Новосибирскайга көтүүгэ);

«Сибирь» авиахампаанньа (Дьокуускайтан Екатеринбурга, Владивостокка, Минеральные Воды куоракка, Владивостокка, Уфаҕа,  Мииринэйтэн  Санкт-Петербурга диэри көтүү);

«Аэрофлот» авиахампаанньа  (Дьокуускайтан Москваҕа көтүү);

«Ред Вингс»  авиахампаанньа (Иркутскайтан Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Нерюнгригэ көтүү);

«Уральские авиалинии» авиахампаанньа (Дьокуускайтан Минеральные Воды куоракка, Екатеринбурга көтүү).

Сорох маршруттарга сааһыттан тутулуктаммат субсидиялаах билиэти туһаныы баар. Бу Уһук Илин уокурук олохтоохторугар сыһыаннаах. Манна ханнык авиахампаанньалар киирдилэр?

«Якутия» авиахампаанньа (Дьокуускайтан Санкт-Петербурга, Нерюнгриттэн  Москваҕа көтүү);

«Аэрофлот» авиахампаанньа (Дьокуускайтан Москваҕа көтүү);

«АЛРОСА» авиахампаанньа (Мииринэйтэн Москваҕа, Санкт-Петербурга,  Полярнайтан Москваҕа көтүү).

 Санатар буоллахха, «Якутия» авиахампаанньа сэтинньи 25 күнүттэн дойду бары авиакаассаларыгар 2023 сыл тохсунньу 2 күнүттэн баар маршруттарга көтөргө билиэттэри атыылаан саҕалаата.  «АЛРОСА» авиахампаанньа чэпчэтиилээх билиэттэрин ахсынньыттан атыылыыр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 апреля
  • -5°C
  • Ощущается: -11°Влажность: 58% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: