Чэппиэрдээҕи «Саха сирэ» хаһыакка тугу ааҕыахха?
Халлаан сылыйан, эмиэ сааскы халаан кыһалҕатын боппуруоһа турда. Буолаары буолан, быйыл ханна да сөҥүү элбэҕинэн, хаар-муус халыҥынан, сааскы халаан уустук буолара сабаҕаланар.
Бу күннэргэ сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии чэрчитинэн, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аннынан Бүлүү өрүс кытылын бөҕөргөтүү үлэтэ хайдах баран иһэрин тустаах тэрилтэлэр хамыыһыйалара баран бэрэбиэркэлээтилэр. Үлэ түмүгүн бүгүҥҥү чэппиэрдээҕи хаһыакка ааҕыҥ.
Ханнык баҕарар кэмҥэ үтүө дьыала өрө тутуллар, сыаналанар. Оттон ону кимнээх оҥороллоруй? Баҕа өттүнэн, ким даҕаны күһэйиитэ суох, ис санааттан үтүөнү, көмөнү оҥорооччулар. Кинилэри «доброволецтар» эбэтэр «волонтердар» диэн ааттыыбыт. Кэнники сылларга билиҥҥи кэм дьоруойдарын тустарынан элбэхтик истэбит. Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Үс Хатыҥар Ойуур баһаарын умуруорууга уонна халаан уутун содулларын туоратыыга баҕа өттүнэн кыттааччылар (доброволецтар) иккис сүлүөттэрэ буолан ааста. Бу туһунан сиһилии бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
“Болдьоммут чааспар тиийбитим, бырааспын кытта икки эдэр киһи кэпсэтэ олорор эбит. Син балайда күүппүтүм кэннэ, сэһэргэһээччим кэбиниэтигэр дьэ ыҥырда.
“Олус уустук балаһыанньа… Оруобуна эн кэпсэтэ кэлбит тиэмэҥ. Онон дьону “бүөргүтүн олох харыстааҥ!” диэн сэрэтии кэм ирдэбилинэн буолла диэххэ сөп”, – диэн саҕалаата кэпсэтиибитин нефролог-быраас. Бу тыын уорган – бүөр туһунан Аныгы нефрология уонна диализ киинин дириэктэрэ, кылаабынай быраас, доруобуйа харыстабылын туйгуна Марфа Бурцеваны кытта кэпсэтиини ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Улуу Кыайыы күнүн көрсө ыам ыйын 7 күнүгэр «Сахамедиа» холдинг медиа-киинигэр быстах байыаннай дьайыыга сылдьар байыастары кытта кинилэр төрөппүттэрэ, кэргэттэрэ, оҕолоро, чугас аймахтара куйаар ситиминэн быһа «телемост» көрүҥүнэн кэпсэттилэр.
Уолаттар аймахтарын кытта быһа сибээһинэн ирэ-хоро сэһэргэстилэр, дьоннорун сурастылар. Чугас дьонноро ким аҕата, ким быраата, ким убайа кустуу барбыттарын туһунан кэпсээтилэр. Ийэлэр барахсаттар оҕолоругар «сылаастык таҥна, үчүгэйдик аһыы сырыт» диэн баҕа санааларын эттилэр. Бу туһунан “Куйаар ситимигэр – саха байыастара” матырыйаалга ааҕыҥ.
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ бэйэтэ туспа эниэргийэлээх, эйгэлээх. Дьиэ ис эйгэтиттэн дьиэ кэргэн туруга, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара кытта тутулуктаах дииллэр. Маны кэмиттэн-кэмигэр ыраастыыр ирдэнэр. Ол эрээри, биһиги билигин үксүгэр сахалыы алаадьылаан, боҕуруоскай оту уматан сыт таһаарабыт. Дьиҥэр, онтон атын ньымалар эмиэ элбэхтэр. Холобура, туустаах уу, от, чүмэчи уо. д. а. “Дьиэни ыраастааһын ньымаларын” эһиэхэ билиһиннэриэҕэ суруналыыс Людмила Попова.
Сааскы халаан уутугар бэлэмнэнии хайдаҕый? Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, сүөһүлээх-астаах улуустар, кэтэх ыаллар эрдэттэн төһө дьаһаммыттарый? Туох ыарахаттар баалларый? Бүгүн “Тыа сирэ” балаһаҕа бу тиэмэҕэ тахсыбыт матырыйаалы ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Киһи, тэрилтэ үбүлүөйдээх саастарын туолалларыгар, ыһыах ыһалларыгар, туох эмэ бэлиэ түгэн буоллун — барытыгар сэргэ туруоран иһэр буоллубут. Онон, билигин алаас буоллун, дьиэ, тэрилтэ тэлгэһэтэ буоллун, тобус-толору араас суруктаах, сыыппаралаах, киэргэтиилээх сэргэ элбээтэ.
Биллэн турар, сэргэни туруоруу, быраабылата, сиэрэ-туома олус элбэх. Ол быраабылалары, сиэрдэри-туомнары толоруллан туруоруллубут сэргэлэр барахсаттар үгүс дьыл-кэм кэрдиитэ ааһан, эмэҕирэ хатан, токуруһан-бокуруһан боруоран туралларын көрдөххө, киһи хайдах эрэ олус хараастар, сык гына түһэр, туох барыта кэмнээҕин-кэрдиистээҕин ордук өйдүү түһэр курдуккун. Бу бэрт интэриэһинэй матырыйаал бүгүҥҥү хаһыакка таҕыста.
Гражданскай сэрии аатырбыт дьоруойа, номоххо киирбит комдив Василий Иванович Чапаев, кини ординареһа Петька, бүлүмүөччүк Анка тустарынан төһөлөөх анекдот бөҕө кэпсэммитэ, норуот уус-уран болкулуоругар кубулуйбута буолуой? Үгүс көлүөнэ дьон истэрин тарбана-тарбана, иэрийэ күллэхтэрэ-саллахтара, адреналин бөҕөнү ыллахтара…
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр саха саллааттарын мүччүргэннээх сырыыларын, өлөр-тиллэр түгэннэртэн мүччү туттарыыларын туһунан уҥуоҕа суох тыллаахтар бэтиэхэлээх кэпсээннэрэ эмиэ биир оннук, эдэри-эмэни “быара суох” ыытан, уостан-уоска бэриллэн билиҥҥээҥҥэ диэри кэпсэнэллэр. Биир оннук бэтиэхэлээх кэпсээнинэн Биэтэс Билээхэп ”Бүөтүр, бэрин!” диэн кэпсэлэ буолар. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Арассыыйаҕа билигин 13 чыыһыла барахсан абааһы көрүллэр, “дьоло суох”, “абааһы дьууһуната” чыыһыла диэн ааттыыллар. Оттон 19-с үйэҕэ бу чыыһыла олох даҕаны үтүөҕэ ахтыллар, туттуллар буола сылдьыбыт эбит. Бэл, “биэкэр дьууһуната” дэниллэн, 12 устуука буулачыканы атыыласпыт киһиэхэ, 13-һү бэлэх биэрэллэрэ үһү. 13 сыыппараны тоҕо абааһы көрөллөрүй? Бу туһунан “Арыллыбатах аартыктар” балаһаҕа тахсыбыт “Сордоох дуу, дьоллоох дуу?” диэн суруналыыс Айтана Аммосова матырыйаалыгар ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: