Чэппиэртэн крематорий үлэтин саҕалыаҕа

Share

Бэс ыйын 8 күнүттэн Дьокуускайга бастакы крематорий үлэтин саҕалыаҕа диэн СИА суруйар. Бу туһунан куорат дьаһалтатын инвестицияҕа уонна бырайыактыыр үлэҕэ управлениетын начаалынньыга Андрей Владимиров иһитиннэрдэ.

Бастакы кремация чэппиэргэ буолуоҕа. Төлөбүрэ ритуальнай өҥөлөртөн, бырастыылаһар саала куортамыттан тутулуктаах. Крематорийы арыйыы үлэһиттэри булуу, үөрэтии тардыллыбытыттан уһаата. Бырайыагынан көрүллүбүт колумбарий (дьон күлүн харайар сир) бу сайын үлэлиэҕэ, — диэн кини эттэ.

Кремация орто сыаната 30 тыһыынча солкуобай кэриҥэ. Сууккаҕа уонча кремацияны оҥоруохха сөп. Өҥөҕө наадыйыы элбэх буоллаҕына, иккис оһоҕу үлэлэтиэхтэрин сөп.

Тэрилтэ 9 үлэһиттээх: оһох оператордара, администратордар, көмөлөһөөччүлэр, буҕаалтырдар, о.д.а.

Крематорий Маҥан кылабыыһатыгар тутуллубута. Куорат кытыытынан кылабыыһаларга сир тиийбэт кыһалҕата баар буолан, крематорий тутуллар буолбута. Бу биир этээстээх дьиэҕэ бырастыылаһар саала, өлбүт киһини бэлэмниир хостор, кремация саалата, үлэһиттэр хосторо, о.д.а. бааллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

8 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

8 часов ago