Сыл аайы Таатта улууһун Октябрьскай нэһилиэгин эр дьоно анаан субуотунньуктаан, Таатта үрэҕэр быһыт оҥорон, уунан толороллор.
Быйыл эмиэ үгэс быһыытынан 40-ча эр киһи мустан үрэххэ быһыт оҥордулар. Бу туһунан Ытык сүбэ чилиэнэ Гаврил Вырдылин маннык кэпсиир:
— Үрэхпит уута баран хаалан, сүөһү да уулуур уута суох буолар. Былырыын сүбэлэһэн баран, урукку буор быһыты таас аҕалан эбэн иһэбит. Бастаан утаа буорунан быһар этибит да, халаан уута быһыппытын сууйан ааһара. Тааттаҕа таас диэн суох. Ол иһин Амматтан уонна Алдантан, Аллараа Бэстээхтэн, Хачыкааттан өрүс тааһын тастарабыт. Ыраах айан суоппардара өйөөн абыраатылар. Ол курдук, Евгений Федосеев Аллараа Бэстээхтэн иккитэ таас тиэйэн аҕалла. Харбалаахтан Петр Прохоров хаста да таста. Балтараа ый устата 40-тан тахса эр киһи солбуйса сылдьан, быһыппытын оҥорууга суббуотунньуктаатыбыт. Быйыл үрдэтэн, Таатта үрэх толору уулаах турар гына оҥордубут.
Октябрьскай нэһилиэгин эр дьонун түмсүүтэ 2020 сыллаахха тэриллибитэ. 2019 сыллаахха баһылыгынан талыллан баран, Андрей Семенов эр дьон түмсүүтүн уонна Ытык сүбэни тэрийбитэ. Эр дьон түмсүүтүн Василий Эртюков салайар. Оттон Ытык сүбэ үлэтин уруккута «Таатта» сопхуос бастыҥ тырахтарыыһа, суоппара, 85 саастаах Алексей Новгородов сүрүннүүр.
Мантан күһүн Чөркөөх эр дьоно «норуот муҥхатын» тэрийиэхтэрэ. 1000-тан тахса киһи олорор нэһилиэгэр муҥха соботун биир дойдулаахтарыгар түөлбэнэн тарҕатыахтара.
Арина кыра оҕо ытыырыттан уһугунна. Арай өндөс гынан көрбүтэ, үстээх уола, алталаах кыыһа муостаҕа тохтубут…
Сай ортото буолла. Үгүс киһи уоппуска ылан ким оттуу, отоннуу, ким муораҕа сөтүөлүү тарҕаһар кэмэ…
2024 сыл тохсунньутугар Сунтаар улууһун Элгээйи сэлиэнньэтигэр быраас амбулаторията үөрүүлээх быһыыга-майгыга үлэҕэ киллэриллэн, 1,5 тыһыынчаттан…
Улуу Кыайыы 80 сылынан уоттаах сэрии толоонугар, ыраах тыылга да бэйэлэрин олохторун кэрэйбэккэ сэриилэһэн, охтон…
Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар урбаан кииннэрэ тэриллэн, оскуола оҕолоро сувенир оҥоруутуттан саҕалаан, түргэнник ситэр салааны…
Саха сиригэр ханна даҕаны өрүс суола аһыллан, айан-сырыы үксээтэ. Айан хаһан даҕаны чэпчэки буолбат. Сыана…