Черскэйгэ ахсынньыга +3 кыраадыс сылыйда

Share

Ахсынньы 20 күнүгэр Аллараа Халыма оройуонун Черскэй бөһүөлэгэр ураты сылаас күн-дьыл: +3 кыраадыс сылаас буолбута бэлиэтэннэ. Илинтэн үрэр сөкүүндэҕэ 3 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы гидро-метео ыстаансыйа  (УГМС) гидрометеорологическай киинин начаалынньыгын солбуйааччы Вячеслав Шехиров иһитиннэрэр.

Бу курдук ураты сылаас күн-дьыл Черскэйгэ 1996 сыл ахсынньы 23 күнүгэр буола сылдьыбыт эбит. Онно кыраадыс 3,1 сылааһы көрдөрбүт. Вячеслав Шехиров этэринэн, сылаас салгын Тиихэй акыйаантан кэлбит. Этэргэ дылы, хоту дойдуга маннык күн-дьыл уһаатаҕына, хаар уулларыгар, атах эт ирэригэр тиийэр. Баҕар, остуоруйаҕа курдук, Саҥа дьыл саҕана ньургуһуннар тыллаайаллар?

2016 сыллаахха Черскэйгэ эмиэ ураты сылаас күн-дьыл турбута бэлиэтэммит эбит. Таммах таммалаан, халтараан буола сылдьыбыта бу хаартыскаттан көстөр. Дьэ, бытарҕан тымныылаах Сахабыт сиригэр кыһыммыт ити курдук дьиктилээх буолар эбит.

Оттон өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар билигин 40-45 кыраадыстаах тымныы турар да буоллар, аҕыйах күнүнэн хотуттан сылаас салгын кэлэн, эмиэ сылыйара күүтүллэр. Интэриниэт саайтара билгэлииллэринэн, Саҥа дьыл саҕана өтөрүнэн буолбатах сылаас күн-дьыл — 25-30 кыраадыс тымныы буолуохтаах. Тохсунньу ый эмиэ сылаас (ортотунан -30 кыраадыс) буолара билгэлэнэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

27 секунд ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

31 минута ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

2 часа ago