Чочуга бырабыыталыстыба отчуота буолла
Бүгүн Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгин олохтоохторугар күүтүүлээх уонна сэргэх күн үүннэ. Элбэх хайысханы толорор култуура киинигэр дьон-сэргэ тоҕуоруста.
СӨ Бырабыыталыстыбатын ааспыт 2023 сыллааҕы үлэлэрин отчуотун нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрдилэр. Салгыы ыйытыыларга, туруорсууларга киирдилэр.
Мэдиссиинэ эйгэтин өртүнэн боппуруос, ханна да буоларын курдук, эмиэ таарылынна. Нэһилиэккэ дьон-сэргэ доруобуйатын тупсарарга үлэлиир амбулаториялара эргэрбитинэн, саҥа тутуу туһунан боппуруос хамсыыра буоллар диэн көрдөстүлэр. Манна даҕаттахха, Бүлүү улууһугар балаһыанньа быһыытынан 2022 сыллаахха балыыһа, 2023 сыллаахха нэһилиэккэ биэлсэр-акушер пууна тутуллан киирбит. Доруобуйа харыстабылыгар бу улуус үрдүк таһымнааҕа уонна инники күөҥҥэ сылдьара бэлиэтэннэ.
Маны таһынан, дьон-сэргэ успуорт саалатын, тыа хаһаайыстыбатыгар сайыҥҥы өртүгэр ходуһалары күрүөлээһин, үүт харчытын, өртөөһүн туһунан, диализ киинин тутуу, суол боппуруоһун ыйыттылар.
Маргарита Михайловна Алексеева, кырдьаҕастары уонна инбэлииттэри чөлүгэр түһэрэргэ үлэлэһэр отделение сэбиэдиссэйэ. Кини Бүлүүгэ комплекснай киин тутулларын туруоруста. «Бу чэбдигирдэр, дьон олоҕун уһатар наадалаах, туһалаах отделение буоларын учуоттуохха», — диэн этэр. Маныаха манна өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан тиийэ кэлэллэрин бэлиэтиир.
Нэһилиэк олохтоохторо сыллата туруорсар боппуруостарга кыралаан туолан, олоххо киирэн иһэллэрэ буоллар диэн баҕа санааларын биллэрдилэр.
Салгыы биирдилээн туһааннаах боппуруостарынан кэпсэтии буолла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: