«Чума» киинэ. Күүһүнэн өттөйүү эрэ быһаарар дуо?
2023 с. “Кинотавр” 31‑с бэстибээл уонна Lucania Film Festival бэстибээлгэ «International Fiction Film» сүрүн бириистэрин ылбыт «Чума» киинэ көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста. Киинэ режиссера — Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Дмитрий Давыдов.
Элбэх мөккүөрү, утарсыыны таһаарбыт “Пугало”, “Костер на ветру” уо. д.а. киинэлэрдээх режиссер бу сырыыга хайдах киинэни уһулла диэн интэриэһиргээбит киһи элбэх буолуохтаах. Туох эрэ соһуччуну, омсолооҕу көрдөрүө диэн бүтэйдии сэрэйэр көрөөччү да аҕыйаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ, Дмитрий Давыдов киинэлэрэ биир тэҥэ суохтар, ханнык да халыыпка хаайтарбаттар.
Киинэ өҥө суох (черно-белай) уһуллубута маннык түбэлтэ хайа баҕарар кэмҥэ, ханнык баҕарар дэриэбинэҕэ буолуон сөбүн таайтаран этэр. Өҥө суоҕун ааһан, наар хараҥа кэм баһыйара киһини сылатар, баттыыр. Биир да сырдык кырааска суоҕун кэриэтэ (мас кэрдэр кэмнэриттэн ураты). Режиссер көрөөччү айылҕа абылаҥнаах көстүүлэригэр, күөҕүнэн симэммит сир-дойду кэрэтигэр аралдьыйбакка, киинэ дьоруойдарыгар уонна буола турар дьайыыларга эрэ болҕомтону уурарын туһугар итинник толкуйдаабыт дуу дии саныыгын. Кэрэ аҥаардар да оруоллара суоҕа бу санааны бигэргэтэр.
Кылгастык киинэ туһунан
“Чума” киинэҕэ обургу саастаах уолаттардаах икки ыал олус ыарахан, кырыктаах сыһыаннара көстөр. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин кытары чугастык билсибэттэр, ханнык эрэ хара күлүктэр ыраахтан үөгүлэһэн кэпсэтэллэр, тугу да гыналлара өйдөнө охсубат. Өйдүү да сатыаҕы киинэ хараҥа, сиэрэй көстүүлэрэ мэһэйдииллэр.
Сүрүн дьоруой Тарас (Эрхан Слепцов) аҕата Тихон (артыыс Георгий Бессонов) болуотунньук, олус сэмэй үлэһит киһи. Киинэ саҕаланыытыгар Тихон тыыны 30 тыһ. солк. оҥорорго кэпсэппиттэрин үрдүнэн сакаасчыта 20 эрэ тыһыынча солкуобайы биэрбитигэр сөбүлэһэриттэн, утары тугу да саҥарбатыттан саҕаланар. Тихон улаатан эрэр уолунуун да истиҥник кэпсэппэттэрэ, дьиэ иһинээҕини эрэ аҕыйах тылынан бырахсаллара, уол аҕатыгар өһүөннээх улаатан эрэрэ көрөөччүнү хайыы-үйэ дьиксиннэрэр. Аҕатын олус бытаан уонна мөлтөх киһинэн ааҕар уол: “Ийэм оннугар эн өлбүтүҥ буоллар”, — диэн аҕатыгар малтаччы этэрэ көрөөччүнү соһутар, туох эрэ уот күөдьүйүөхтээҕин курдук буолар… Манна оҕо уйулҕатыттан дьиксинэ саныыгын.
Киинэ сюжета Тихон оҥорор тыытыттан сылтаан өссө күүскэ сайдан барар. Кини бу оҥорбут тыыта атыыланнаҕына, уола куоракка эдьиийигэр олоро барыахтааҕын туһунан этэр. Ол гынан баран, биир түүн ыала Влад (Евгений Николаев) тыыны уоттаан кэбиһэр, Тарас көрөн турдаҕына кини аҕатын кырбыыр. Туох баар баҕа санаа, инникигэ эрэл биирдэ уот күөдьүтэ буола түһэр… Саха тыйаатырын «Хаарыан хампа күөх кытылым» испэктээгэр СӨ норуодунай артыыһа Герасим Васильев мындырдаан оҥорбут, аан дойдуну барытын кэрийбит тыытын саныы түһэҕин. Ол эбэтэр олоххо дьулуур, олоххо таптал бэлиэтэ (символа) буолбут тыыбыт барахсан бу түгэҥҥэ төттөрү өйдөбүллэммитэ, хайдах эрэ, көрөөччүнү хомотор, курус санааҕа тириэрдэр. Тарас да инникигэ эрэлэ сүтэн, ыарахан балаһыанньаттан тахсар кыаҕа суох буолбутун билэн, күүстээх-уохтаах, баламат майгылаах, бу олоххо сөп түбэһэр дии саныыр киһитигэр, ыалыгар Владка көһөн хааларын, аҕатын таҥнарарын саха киһитэ соччо ылына охсубат. Олоҕу билэ илик уолаттар аҕаларыгар сыһыаннарынан аан дойдуга, дьоҥҥо барытыгар хомолтолоохторун этэн бырачыастыылларын курдук дьиксинэ саныыгын.
Бу икки ыал туох маарыннаһардаахтарый? Иккиэн кэргэттэрэ суохтар, иккиэн биир саастыы уолаттардаахтар, биир өлүүгэ сылдьаллар, олох ыарахаттарын, төһө кыалларынан, туруулаһа сатыыллар.
Влад уолчааныгар (Радмир Романов) сыһыаныттан киһи ытырыктатар. Аҕатыгар биир тылы утары эппэт уолун аһынаҕын. Влад арахсыбыт кэргэнин, төһө кыайарынан, холуннарар, содур майгылаах ийэнэн ааттаан, оҕотун кытары көрүһүннэрбэт, аҥаардастыы үлэһит илии оҥостор. “Дьүкээбилгин күүтэҕин дуу?” — диэн күлүү-элэк оҥостор. Бу этии эмиэ иһэ истээх. Режиссер бу этиитинэн уонна киинэ бүтэһигэр дьүкээбил көстөрүнэн тугу этиэн баҕарда? Киинэҕэ Влад уолун көрөөччү эмиэ аһынар, саатар кини олоҕо уларыйыаҕар баҕарар. Кэлин тиһэҕэр уолчаан соһуччу дьайыыта барытын уларытар (Чеховтыы эттэххэ, ыйанан турбут саа эстиэхтээх?).
Биһирэмнээх уонна омсолоох дьоруойдары көрдүүр буоллахха, бу киинэҕэ бааллар дуо? Арай, Тихон? Чэ, көрөөччү бэйэтэ быһаарыа.
Киинэ аата тугу этэрий?
Судургутутан эттэххэ, ким баҕарар «чума» диэн тылы иһиттэҕинэ, уодаһыннаах ыарыыны саныы түһэр. Киинэҕэ көнөтүнэн ханнык да ыарыы ахтыллыбат, кэпсэммэт. Ол гынан баран, «режиссер мөкү быһыыны-майгыны, кырыктаах дьайыыны бириэмэтигэр тохтоппотоххо, бохсубатахха, сыстыганнаах ыарыы курдук тэнийэн бара туруон сөбүн санатаары уонна сэрэтээри «Чума» диэн ааттаабыт» диэн ылынным. Өстөөхтүү сыһыаннаах икки ыал хаһан эрэ бэйэ-бэйэлэрин өйдөһүөхтэрэ, бырастыы гынсыахтара дуо? Оҕолорун иитии-
тигэр сөптөөх суолу булуохтара дуу эбэтэр эр киһи күүһүн-уоҕун эрэ өрө тутуохтара дуу?
Домох (притча) тылынан кэпсиир киинэ афишатыгар «Үтүө санааны мөлтөх буолуу курдук ылыныма» диэн этии хас биирдиибитигэр туһуланарга дылы.
«Чума» киинэҕэ үчүгэйи буларга кыһалыннахха, олох суох буолбатах, баар. Бастатан туран, бэйэбитин туораттан, атын хараҕынан көрүөхтээхпитин, дьон кыһалҕатыгар болҕомтолоох буолуохтаахпытын санатар, олох сыаннастарын туһунан мөккүһэр төрүөтү биэрэр.
Быһаарыы:
Дмитрий Давыдов, киинэ режиссера:
— Киинэҕэ көстөр түбэлтэ, биллэн турар, өйтөн айан оҥоһуллубута. Саха сирин көрөөччүлэрэ киинэҕэ бэйэлэрин төрөөбүт тылларын истэллэрэ, бэйэлэрин локацияларын уонна билэр сирэйдэрин көрөллөрө суолталаах. Кистэлэҥэ — киинэни устар уонна көрөр дьон баарыгар сытар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: