Чурапчы улууһугар СӨ Култууратын, ускуустубатын, литературатын күннэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ уонна Чурапчы улууһа бииргэ үлэлииллэрин туһунан сөбүлэһии чэрчитинэн ыытыллан, Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375, норуодунай суруйааччы Василий Яковлев-Далан төрөөбүтэ 95, САССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, худуоһунньук Афанасий Собакин төрөөбүтэ 95, РСФСР уонна САССР үтүөлээх артыыһа, САССР норуодунай артыыһа Виктор Саввин төрөөбүтэ 115, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт, тылбаасчыт Степан Саввин-Күн Дьирибинэ төрөөбүтэ 120 сылларыгар ананаллар.
Муус устар 3 күнүгэр эбиэт кэнниттэн СӨ култуураҕа миниистирэ Юрий Куприянов уонна улуус баһылыга Степан Саргыдаев нэһилиэктэр баһылыктарын, култуура тэрилтэлэрин салайааччыларын кытары көрсүһэн, инники былааннары торумнаатылар, баар итэҕэстэри туоратарга санааларын үллэһиннилэр, миниистиртэн, министиэристибэ бэрэстэбиитэллэриттэн сүбэ-соргу ыллылар.
Манна даҕатан эттэххэ, маннык тэрээһини Чурапчы дьаһалтата көҕүлээн, Министиэристибэ күннэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан Чурапчы улууһугар тэриллэн эрэллэрэ саха култуурата, ааттаах-суоллаах дьоно-сэргэтэ тыа сириттэн үүнэн-сайдан тахсарын кэрэһэлииллэр.
Улууска култуура эйгэтигэр 249 киһи үлэлиир. Көрсүһүүгэ кулууп дьиэлэрин өрөмүөнүн, култуура эйгэтигэр национальнай, ол иһигэр модельнай, бырайыактарга кыттыһыы, 11 бибилэтиэкэ кулууп дьиэтигэр ыаллаһан олорорун, Оҕо ускуустубатын дьиэтигэр идэлээх дьон үлэлиирэ өссө көдьүүстээх буолуоҕун, Пушкинскай картаны туһаныы уо.д.а. боппуруостары көтөхтүлэр. Улуус дьаһалтата Оҕо ускуустубатын дьиэтин өрөмүөнүн оҥорууну күүскэ туруорсар.
Андрей Саввин аатынан кыраайы үөрэтэр уонна этнография мусуойа эһиил өрөмүөннэнэригэр 19 мөлүйүөн суумалаах харчы көрүллүбүтүн туһунан этилиннэ. Итини таһынан Хайахсыт нэһилиэгэр быйыл саҥа “Эстра синема” проектор олохтонон, киинэ тыйаатыра үлэлиирэ былааннанар. Мугудай нэһилиэгин кулуубун быйыл матырыйаалынай-тиэхиниичэскэй хааччыйыыга үп-харчы тыырыллыбытын туһанан этилиннэ.
Киэһэ «Айылгы» Култуура киинигэр Күннэр саҕаланыыларынан Юрий Куприянов, Степан Саргыдаев бар дьоннорун эҕэрдэлээн туран, үрдүк наҕараадалары туттардылар.
Онтон олохтоохтор эрдэ билиэттэрин ылан долгуйа күүппүт дьоро түгэннэрэ үүннэ. Ол курдук, СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра чурапчылар биир дойдулаахтара Василий Яковлев-Далан айымньытынан туруорбут «Дьикти саас» испэктээктэрин илдьэ кэлбиттэрэ мээнэҕэ буолбата. Көрөөччүлэр хас биирдии дьоруойга, кэпсэнэр түгэннэргэ билэр дьоннорун, очоотооҕу кэми эргитэ саныы олорбуттара саарбаҕа суох. Ол да иһин, ытыстарын тыаһын харыстаабатылар, махтал тылларын анаатылар.
Улуус баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаев:
— Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр тыйаатырдарын улахан үлэлэрин көрөн-истэн, сайдыыга улахан хардыылар оҥоһуоллуохтарыгар саарбахтаабаппын. Бу үс күннээх кэнсиэртэртэн киирбит үп-харчы барыта анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар ыччаттарбытыгар күүс- көмө быһыытынан бэриллиэҕэ.
Ааптар уонна СӨ Култуураҕа, духуобунай сайдыыга министиэристибэтин хаартыскалара.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…