Салгыы
Чурапчы сайдыытын сыыппаранан түстээбитэ

Чурапчы сайдыытын сыыппаранан түстээбитэ

12.12.2022, 13:30
Бөлөххө киир:

Биһиги эдьиийбит, Пермякова Варвара Прокопьевна, быйыл төрөөбүтэ 90 сыла.

Кини 1932 сыл сэтинньи 21 күнүгэр Чурапчы Мугудайыгар күн сирин көрбүтэ.  Оҕо сааһа сэрии кытаанах сылларыгар Мугудайга “Калинин” холкуоска үлэлээн, аччыктыыры, тоҥору этинэн-хаанынан билэн улааппыта. Ол үлэтин иһин 1946 сыллаахха Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1955 с. Дьокуускайдааҕы үп-кирэдьиитинэй техникуму үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитэ, 1965 сыллаахха ССКП кэккэтигэр киирбитэ. 1955 сылтан 2000 сылга диэри Статистика кииннэммит управлениетыгар иниспиэктэринэн, ыстаарсай иниспиэктэринэн, кэлин Госстатистика иниспиэктэринэн, статистика Чурапчытааҕы отделын начаалынньыгынан, уопсайа 45 сыл устата төрөөбүт Чурапчытын оройуонугар үлэлээбитэ.

Биһиги эдьиийбит көнө майгылаах, аһыныгас сүрэхтээх, кырдьаҕастарга ытыктабыллаах сыһыанаах, эдэрдэри кытары биир тылы булар этэ, ол иһин дьон-сэргэ, нэһилиэнньэ, тэрилтэлэр, хаһаайыстыбалар салайааччыларын ытыктабылын ылбыта. Салайааччылар Варвара Прокопьевна эппитэ кырдьыктааҕын билэр буолан, куруутун толоро сатыыллара, кини тылын сыаналыыллара, истэллэрэ. Кыра эрдэҕиттэн айылҕаҕа олус чугас этэ, ол иһин бултуурун, балыктыырын сөбүлүүрэ, сир астыырын, отоннуурун, дьэдьэнниирин, айылҕаҕа сылдьарын ордороро.

Кини олоххо дьаныардаах, сырдыкка-кэрэҕэ ураты тардыһыылаах, күүстээх санаалаах, аймахтарыгар кыһамньылаах, чугас дьонугар өйөбүл-тирэх буолар этэ, биир тыллаах, мэлдьи көмөлөһө, сүбэлии-амалыы сылдьар күндү, тапталлаах киһибит этэ.

Мин кэргэммин, Любовь Николаевнаны – улахан эдьиийин Татьяна Прокопьевна оҕотун үөрэттэрэн, үлэһит оҥорбута, кэлин эдьиийин Прасковья Прокопьевна (Москуба Боккуойата) кыыһын Мусяны кэргэн тахсан ыал буолуор дылы бииргэ илдьэ сылдьыбыта, кырдьар сааһыгар Одьулууҥҥа Мусяҕа тахсан сайылыыра, оҕолорунаан-сиэннэринээн наһаа тапсара, таптыыра, куруутун кинилэр тустарынан кэпсээннээх буолара. Күтүөтүн Диодоров Семен Дмитриевичка (2012 сылга Россия үтүөлээх маастара буолбута) сүбэ-ама буолара, үлэ-хамнас туһунан кэпсиирэ, ыйыы-кэрдии биэрэрэ.

Эдьиийбит 45 сыл быыстала суох үлэлээн Чурапчыта сайдарыгар элбэҕи оҥорбута, оройуон сайдыытын сыыппараларын өйүгэр илдьэ сылдьара, оройуон оччотооҕу салайааччылара: Листиков И.П., Бурнашев Р.Р. кини тылыттан тахсыбат буолаллара.

Эдьиийбит таһаарыылаах, сыралаах үлэтин наҕараадалара туоһулууллар, ол курдук: САССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо, Үрдүкү Сэбиэт Президиумун 3 Бочуотунай грамоталара, ССРС Киин статупавлениетын “Социалистическай учуот туйгуна” бэлиэтэ, В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сыла туолуутугар аналлаах “Үлэҕэ килбиэнин иһин”, “Үлэ бэтэрээнэ” мэтээллэрэ уо.д.а.

Биһиги тапталлаах эдьиийбит, 69 сааһыгар ыарахан ыарыы буулаан бу олохтон туораабыта.

Кини сырдык мөссүөнэ өлбөөдүйүө суоҕа, мэлдьи биһигини кытта буолуо.

Руслан Алексеев,

Амма, Бөтүҥ нэhилиэгин бочуоттаах оохтооҕо.

Хаартыска ааптар тиксэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 апреля
  • 2°C
  • Ощущается: -0°Влажность: 64% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: