Чурапчыга 50 ыал саҥа дьиэ күлүүһүн тутта

Share

Чурапчы улууһугар 2019-2025 сылларга хаарбах туруктаах дьиэттэн олохтоохтору көһөрүү бырагыраама тиһигин быспакка утумнаахтык ыытыллар. Бүгүн Ярославскай аатынан уулусса 8, 14, 22 нүөмэрдээх, Алаас Миитээски аатынан 14 нүөмэрдээх итиэннэ Ленин аатынан уулусса 42 нүөмэрдээх дьиэлэриттэн уопсайа холбоон 50 ыал саҥа дьиэ олохтооҕун аатын ылла.

Бүгүн “Сахастройгрупп” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Иван Федулов, Чурапчы нэһилиэгин килбэйэр киинигэр, Емельян Ярославскай аатынан 2 “А” нүмэрдээх саҥа аадырыска биэс мэндиэмэннээх, тупсаҕай көстүүлээх, толору хааччыллыылаах таас дьиэни түмүктээн хаһаайыттар кыбартыыраларын күлүүһүн тутар үөрүүлээх түгэннэрэ буолла.

“Ярославскай аатынан уулусса 11 уонна 16 кыбартыыратын олохтоохторо буолабыт. Улаханнык үөрэн турабыт, саҥа дьиэ оһуобай үчүгэй. Күлүүспүт тылын туттубут даҕаны көһөөрү оҥосто сылдьабыт. Чурапчыбыт салалтатыгар, тутуу үлэһиттэригэр барыларыгар кыһамньыларын иһин улаханнык махтанабыт”, – диэн Чурапчы улууһун төрүт олохтоохторо, улуус дьаһалтатын сулууспатын туйгуннара Сардаана Васильевна Коркина, Светлана Иннокентьевна Дьяконова санааларын үллэһиннилэр.

Үөрүүлээх чааска Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, “Сахастройгрупп” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Иван Федулов уонна саҥа дьиэ олохтоохторун ааттарыттан Марфа Дьячковская эҕэрдэ тылы эттилэр.

Санатан суруйдахха, бу бырагыраама чэрчитинэн улуус үрдүнэн 17 дьиэ о.э 634 кыбартыыра тутуллан үлэҕэ киирдэ, ол иһигэр 302 кыбартыыра “Сахастройгрупп” ХЭТ өҥөтүнэн тутулуннулар.

УлусМедиа саайтан.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

12 часов ago