Өрөспүүбүлүкэҕэ 250 тахса волонтёр быстах байыаннай хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр. Эмтэрин-томторун, аһы-үөлү аҕалаллар.
Бу туһунан #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи ыстаабы салайар Айыллаан Винокуров иһитиннэрэр. Ол курдук, Чурапчыга аграрнай-техническэй кэллиэскэ үөрэнэр устудьуоннар Одьулууҥҥа быстах байыаннай хомуурга барбыт аҕалаах ыалларга көмөлөһөн пилораматтан мас аҕалбыттар, хайыппыттар, саһааннаабыттар, кыһын иһэр муустарын бэлэмнээбиттэр, тиэргэн хаарын күрдьүбүттэр.
«Волонтердар уонна ким баҕалаах барыта көмөлөһөр. Судургута суох кэмҥэ чугас дьоннорун умнууга хаалларбакка, сүрэхтэрин баҕатынан көмөлөһөөччүлэр, тирэх буолааччылар убаастабылы ылаллар«, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээн турар.
Айыллаан Винокуров волонтердаан көмөлөһүөн баҕалаахтар сайаапкаларын 122 нүөмэргэ (эбии «6», «1» кунуопкалар) эрийэн хаалларалларын санатар.
Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу бигэргэммит кыраапыгынан ыытыллар. Генеральнай бэдэрээтчит уонна бэдэрээтчит тутар-таҥар үлэ комплексын хааччыйаллар.…
“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…
“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…
Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев “Россия24” телеханаалга “Быһа кэпсэтии” бырагыраама эпииригэр Дьокуускайга тырааныспар ситимин…