Хаартыска: СИА
Чурапчы оройуонугар Елисеевтар дьиэ кэргэттэрэ үс игирэ оҕолоннулар. Бу туһунан оройуон баһылыга Степан Саргыдаев ТГ-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл Саха сиригэр үсүһүн үс игирэ оҕо күн сирин көрдө.
«Арассыыйааҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар бу чахчы даҕаны үөрүүлээх түгэн буолла. Ол курдук, Елисеевтар дьиэ кэргэттэригэр үс уол уонна кыыс оҕолоннулар. Ааттарын номнуо биэрдилэр. Бу барыбытыгар үөрүүлээх сонун. Түгэнинэн туһанан Туйаара Петровнаны уонна Реворий Михайловиһы ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибин. Оҕолор дьоллоох, доруобай буоллуннар! 90- с сылларга биһиги улууспутугар эмиэ маннык түбэлтэ биирдэ буолбутун бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бу үөрүүлээх түгэн эмиэ хатыланна», — диэн Степан Саргыдаев иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, Саха сиригэр Дьокуускайга бастакы үс игирэ оҕо быйыл атырдьах ыйыгар Анастасия уонна Владислав Степанов дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтэ, ол кэннэ сэтинньи ый бүтүүтэ Хаҥалас улууһун олохтооҕо эмиэ үс игирэ оҕону төрөөбүтэ.
Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …
Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…
Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…
2025 сыл бастыҥ спортсменынан тустуук Лев Павловы саарбахтаабакка ааттыыбыт. Ахсынньыга ыытыллыбыт Чөмпүйүөннэр баалларыгар “Сыл бастыҥ…
Куйаар ситиминэн «Санаа быраас» диэн илии баттааһыннаах тэттик суруйуулар кэлэр буолбуттара балай да кэм буолла.…