Чүүйэлэр кырдьаҕастарыгар идэһэ этиттэн амсаттылар

Share

Былыр былыргыттан саха ыала үтүө үгэстээх – бастакы идэһэ этиттэн, иһиттэн амсатан, ыалларын үөрдүү.

Бу бэртээхэй үгэһи Мэҥэ Хаҥалас Чүүйэтигэр анаан төнүннэрбиттэрин туһунан улуус Ытык Сүбэтин салайааччыта Зиновий Игнатьев кэпсээтэ:

Саха дьонун үтүө үгэспит умнуллан хаалбакка, саҥалыы тыыннанан сайдан иһэрин Чүүйэҕэ көрдөрдүлэр. Бэртээхэй тэрээһиҥҥэ сылдьан, дууһалыын сынньанан, сырдаан, үөрэн кэллим.

Ол курдук, култуура дьиэтин дириэктэрэ Саргылана Атласова уонна «Саһарҕа» түөлбэ салайааччыта Галина Константинова Ийэ сылын чэрчитинэн «Ийэлэрбит үтүө үгэстэрин утумнаан, кэһии бэрсиитэ, үтүө санаа саламата» диэн аахсыйа тэрийбиттэр.  Мин бу тэрээһиҥҥэ кыттыһан, ыалларынан сылдьар дьолго тигистим. Бастакынан «Сардаҥа» түөлбэ олохтооҕо Татьяна Осиповаҕа кэһиилээх тиийдибит.  Сибиэһэй убаһа ойоҕоһо, Галина бэйэтэ астаабыт барыанньата, ону таһынан ыалтан ыалга бэлэхтиэхтээх  «Үтүө санаа саламата” кэһии быһыытынан кэлэн, дьиэ хаһаайкатын үөртэ. Бу күн эмиэ сибиэһэй идэһэ аһын туппут  Надежда Нестерова «бэрт тэрээһин, урукку үгэс эрээри, саҥалыы тэриллибит сүүрээн, кырдьаҕастары соһуччу үөртүлэр, ирэ -хоро кэпсэппэтэх да ырааппыт, кэлбит кэһиини, дьэ, быргыччы буһарыахпыт да буоллаҕа… — диэн үөрүүтүн үллэһиннэ.

Бу маннык аахсыйаны бастаан павловскайдар тэрийэргэ санаммыттар эбит. Үтүө бачыымы истэ охсон, салгыы чүүйэлэр өйөөтүлэр. Саргылаана Атласова “бу саламаларбыт 4 түөлбэ ыалын кэрийэн кэлэн, кулууппутугар сэтинньи 19 күнүгэр бииргэ тиһиллиэ” диэн санаатын үллэһиннэ.

«Ойуурдаах куобах — охтубат, дьонноох киһи — тутайбат» диэн өбүгэбит өс хоһооно мээнэҕэ этиллибэтэҕин, Чүүйэҕэ көрөн итэҕэйдим. Сыстыганнаах дьаҥ иннинэ ыал ыалынан сылдьыһар да этибит. Онтон икки  сылы быһа дьиэҕэ хатанан олорбуппут.  Ол кэм ааһан, бэйэ-бэйэҕэ куттаммакка ыалдьыттааһын салҕана турдун!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тохсунньу 6-7 күннэригэр Дьокуускайга Ороһуоспатааҕы Таҥара сулууспата ыытыллар

Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …

16 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүн — Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 119 сыла

Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Үгүс оройуоннарынан -45° кыраадыска тиийэ тымныйыа

Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…

2 часа ago
  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

15 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

16 часов ago