COVID-19 дьаҥҥа оҥоһуллар тест ыалдьыбыппын көрдөрдөҕүнэ, быстах хомуурга ыҥырыахтарын сөп дуо?
Арассыыйаҕа быстах кэмнээх хомуур бара турар. 1990 сылтан дойдуга хомууру (мобилизация) ыытар тэрээһиннэр ыытыллыбатахтара, онон үгүстэргэ араас ыйытыылар үөскээтилэр. Бу ыйытыыларга “Объясняем.рф” федеральнай портал эспиэрдэрэ хоруйу бэлэмнээтилэр.
— Өскөтүн мин призывной пууҥҥа ковидка хаптаран “положительнай” диэн тестээх кэллэхпинэ, миигин ылаллар дуу эбэтэр туспа тутууга (изоляция) ыыталлар дуу?
— COVID-19 ПЦР тест бу дьаҥҥа хаптарбыккын көрдөрөр түгэнигэр уопсастыбаннай миэстэлэргэ, ол иһигэр военкомакка сылдьарыҥ табыллыбат. Онон мэдиссиинэ көмөтүнэн эмтэнэн үтүөрэн баран, военкомакка быстах кэмҥэ үлэлээбэтэҕиҥ туһунан илииһи аҕалан туттарыахтааххын.
— Ыалдьа сылдьар кэммэр военкомакка ыҥырбыт уонна онно кыайан кэлбэт түгэммэр хайыыбыный?
— Военкомакка ханнык баҕарар кыаллар ньыманан ыалдьыбытыҥ туһунан биллэриэхтээххин. Үтүөрэн баран военкомакка больничнай илиискин илдьэ кэлиэхтээххин. Итинник дьаһамматаххына, ыҥырыыттан куотуммут диэхтэрэ.
Николай Грищенко, “Российская газета” хаһыат
Хаартыска: интэриниэт
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: