Дьааҥы Сартаҥар Кыайыы болуоссатыгар Ийэ дойду пааматынньыгын туруордулар

Share

Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар улуустарга уонна нэһилиэктэргэ Бэтэрээннэр искибиэрдэрин саҥардан оҥордулар, Кыайыы болуоссаттарыгар араас саҥа тутуулары, пааматынньыктары туруордулар.

Дьааҥы улууһун Сартаҥ нэһилиэгэр Кыайыы болуоссатыгар Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсө «Ийэ дойду ыҥырар!” (“Родина-Мать зовёт!») монумены оҥорторбуттара.

Бу пааматынньыгы Сартаҥ олохтоохторо Улуу Кыайыы күнүгэр  үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.

Быйылгы сылы Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрбитэ. Бу пааматынньыгы оҥорторорго нэһилиэк дьокутааттарын сиэссийэтигэр быһаарбыппыт. Монумент — Волгоград куорат  Мамаев курганыгар турар пааматынньык аччатыллыбыт куоппуйата.  Кыайыы 80 сылын официальнай логотибар сөп түбэһиннэрэн оҥорторбуппут. Пааматынньык ааптарыгар, Уус Алдан улууһун олохтооҕо, скульптор Геннадий Оллоновка махталбыт муҥура суох. Киниэхэ бу иннинэ  Саха атыгар анаммыт пааматынньыгы оҥорторбуппут. Скульптор кулун тутарга Сартаҥҥа кэлэн, ыйтан ордук үлэлээбитэ.  Онон 4, 5 м үрдүктээх бетон пааматынньык Улуу Кыайыы 80 сылын Дьааҥы Сартаҥар үйэтиллэн, ыччат дьон киэн туттуутунан буолла, — диэн санаатын үллэһиннэ Сартаҥ нэһилиэгин баһылыга Наталья Слепцова.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Өрүү сакалаат, саахар эбэтэр суши сиэххин баҕарар буоллаххына…

Өрүү сакалаат сиэххин, кофе иһиэххин баҕарар буоллаххына, эйиэхэ магнийдаах бородуукта тиийбэт диэн исписэлиистэр этэллэр.  Оттон…

5 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха тыйаатырыгар — саҥа туруоруу

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра  бу айар сылга ураты суолталаах премьераны бэлэмниир.  Өрөспүүбүлүкэ  биллиилээх…

35 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга бу күннэргэ үс киһи суол быһылааныгар эчэйдэ

Бу  нэдиэлэҕэ Дьокуускай куоракка 32 суол быһылаана тахсан, 3 киһи араас эчэйиини ыллылар. Бу туһунан …

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Былырыын саамай элбэх турист Өлүөнэ очуостарыгар сылдьыбыт

Саха сиригэр былырыын иллэрээ сыллааҕар элбэх турист кэлэн барда. СӨ Урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ньурба Киин бибилэтиэкэтигэр биир дойдулаахтарын туһунан кинигэ эбилиннэ

Ф.Г.Сафронов аатынан Улуустааҕы киин бибилэтиэкэ пуондата өссө биир кинигэнэн эбилиннэ. Ол курдук, бибилэтиэкэҕэ Александра Васильева…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдэр дьахтар түүн массыынаны күрэтэн илдьэ бара сатаабыт

25 саастаах Өлүөхүмэ оройуонуттан төрүттээх  дьахтар   биир түүн дьиэ олбуоруттан массыынаны күрэтэн бара сатаабыт. Билигин…

2 часа ago