Дьааҥыга сүппүт кыыһы көрдөөһүн тохтотулунна

Share

Дьааҥы улууһугар от ыйын 20 күнүгэр сүппүт кыыһы көрдөөһүнү тохтоттулар диэн СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.

Кыыһы уопсайа 19 киһи, ол иһигэр биир дойдулаахтара, СӨ Быыһыыр сулууспатын үлэһиттэрэ уонна көрбүөччүлэр көрдөөтүлэр. Уу дьоҕус суудунатынан уонна үөһэттэн бөртөлүөтүнэн көрдөөтүлэр. Үөһэттэн көрдөөһүн көдьүүһэ суох буолла, онон «Полярные Авиалинии» хампаанньа Ми-8 бөртөлүөтэ Баатаҕайтан көттө.

Санатар буоллахха, кыыс от ыйын 20 күнүгэр Верхоянскай куораттан 45 км тэйиччи сытар Оҕустаах диэн сиргэ сүппүтэ. Кыыс төрөппүттэрин кытары аймахтарыгар оттоһо от ыйын 19 күнүгэр тиийбит. От ыйын 20 күнүгэр кыыс ийэтэ сир астыы, оттон аҕата аймахтарын кытары оттуу барбыттар. Алина сайыҥҥы дьиэҕэ соҕотоҕун хаалбыт.

16:00 ч. саҕана дьоннор дьиэлэригэр кэлбиттэрэ кыыстара суох эбит. Кыыһы бастаан чугас эргин бэйэлэрэ көрдөөбүттэр. Булбаккалар, Алина аҕата 23:30 ч. Верхоянскай куорат баһылыгар төлөпүөннээн эппит.

Билиҥҥитэ балаһыанньа быһаарыллыар диэри Быыһыыр сулууспа көрдөөһүнү тохтотто.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
6
+1
0
+1
0
+1
31
+1
7
+1
7

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago