ДЬАХТАР САТААБАТА СУОХ: АТ СҮҮРДЭЭЧЧИ

Share

Мария Андросова 10 саастааҕар тэлэбиисэринэн атынан оҕолору хатааһылаталларын туһунан биллэриини көрөн, ийэтин кучуйан Арктикатааҕы агротехнологическай университет ипподромугар (оччолорго ЯГСХА) аан маҥнай үктэммит.

Ол туһунан Мария бэйэтэ маннык кэпсиир:

– Ипподром иһинэн оҕолорго аналлаах ат миинэргэ үөрэтэр куруһуокка дьарыктаммытым. Биллэн турар, бастаан тиийэн баран кыратык куттаммытым. Ол эрээри, оҕолору хатааһылата үөрүйэх, холку боруода аттар буолан, бэрт түргэнник үөрэммитим. Оскуоланы тохсуһунан бүтэрбитим, ол кэмҥэ диэри дьарыктаммытым. Сүүрүк аттар эрчиллэллэрин көрөн испэр ымсыыра саныырым. Сыыйа сүүрүк аттарга көспүтүм.  Ханнык баҕарар идэҕэ курдук ат сүүрдээччилэргэ ирдэбил баар. Холобур, орто ыйааһыннара 57 киилэ, ат миинэ үөрүйэх, уопуттаах буолуохтаахтар.

Аан маҥнай 15 сааспар Агриэла диэн 2 саастаах биэҕэ олорбутум. Хаҥалас улууһугар Нөмүгүгэ сүүрдүбүтүм, бастаабытым. Ол кэнниттэн хас даҕаны аты сүүртүм.  Урут ат сүүрдэр кыргыттар элбэх этибит, кэлин тэйдилэр. Тус бэйэм ат сүүрдүүтүттэн дуоһуйууну ылабын. Кэргэннээхпин, биир оҕолоохпут. Кэргэним эмиэ ат сүүрдээччи.

“Биирдэ эмэ аттан охтубутуҥ дуо? – диэн ыйытыыбар – элбэх буоллаҕа, тэптэрэн да көрбүтүм”, – диэн үлэҕэ уопсай сыһыан курдук хоруйдуур. Ат сүүрдээччи – кыргыттарга чахчы сэдэх идэ эбээт!

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кэлэр сыллааҕы бүддьүөт уонна Арассыыйа ядернай бэлиитикэтэ

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

14 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

14 часов ago