«Далбар Хотун» 30 сылыгар анаммыт быыстапка кэрэхсэбили ылла

Share

«Далбар Хотун» 30 сылыгар анаммыт быыстапка дьон-сэргэ болҕомтотун тарта.

Хаартыскаҕа Юлия Пестрякова түһэриитэ

Быйыл «Далбар Хотун» сурунаал төрүттэммитэ 30 сылын туолар. Сурунаал 30 сыллаах үбүлүөйэ дойдуга биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар түбэспитэ ураты суолталаах.
Бастакы бэрисидьиэммит Михаил Николаев түһүүлээх-тахсыылаах 1990-с сылларга олох төрдө дьиэ кэргэн буоларын өйдөөн, 1994 сылы өрөспүүбүлүкэҕэ Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Ол сыл кулун тутар ыйыгар ийэлэри, эбээлэри, эдьиийдэри, балыстары уруйдуур «Далбар Хотун» сурунаал норуодунай суруйааччы Наталья Харлампьева эрэдээктэрдээх күн сирин көрбүтэ. Сурунаал тута ааҕааччыларга сөбүлэтэн, өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыгар күүтүүлээх ыалдьытынан буолбута . Өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай олоҕор биллэр-көстөр дьахталлар, күн-күбэй ийэлэр, эбээлэр, кэрэ кыргыттар, ону кытта аҕа баһылыктар туһунан сэргэх матырыйааллар бииртэн-биир тахсыталаан барбыттара.
Кулун тутар 1 күнүгэр «Олох ойуута» диэн Комдрагмет дьиэтин 2 мэндиэмэнигэр “Далбар Хотун” сурунаал 30 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт 30 сыллаах айымньылаах үлэтин кэпсиир быыстапканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга астылар.

Хаартыскаҕа Юлия Пестрякова түһэриитэ

Быыстапканы үөрүүлээхтик арыйыыга «Далбар Хотун» бастакы эрэдээктэрэ, норуодунай суруйааччы Наталья Харлампьева, «Сахабэчээт» генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова, сурунаал сирэйигэр тахсыбыт дьоруойдар кэлэн эҕэрдэлэринэн кыттыстылар.
«Өрөспүүбүлүкэ былааһын үрдүк таһымыгар туруорсан, киһи аймах кэрэ аҥарыгар анаммыт сурунаал тахсарын ситиспиппит. Оччолорго мин Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын солбуйааччынан олорбутум. Бастакы эрэдээктэринэн Наталья Ивановна Харлампьева ананан, сурунаал өрөспүүбүлүкэ олоҕун дьахтар үлэтин-хамнаһын, тапталын нөҥүө көрдөрөн, бэрт үчүгэйдик бэчээккэ тахсан барбыта», – диэн Альбина Поисеева санаатын үллэһиннэ.
Быыстапканы үөрүүлээхтик арыйыыга сурунаал дьоруойдара эҕэрдэлии кэллилэр. Олор ортолоругар, 1990-с сылларга Саха сирин бэлиитикэтин уонна уопсастыбаннай олоҕор бэлиэ суолу хаалларбыт Ульяна Винокурова, Люлия Григорьева, Валентина Кириллина, култуура үтүөлээхтэрэ Анегина Ильина, кинилэри сырдаппыт бастакы ааптардар уонна да атыттар истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Хаартыскаҕа Юлия Пестрякова түһэриитэ

Быыстапкаҕа 1994 сылтан тахсыбыт матырыйааллар хаартысканан көрдөрүлүннүлэр. Маныаха бэлиэтиир наада, хас биирдии хартыына куйаар куоттаах, онон киирэн сурунаалга тахсыбыт матырыйаалы сиһилии ааҕаҕыҥ.

Хаартыскаларга Юлия Пестрякова түһэриитэ

Сардаана Кузьмина

Хаартыскаларга Юлия Пестрякова түһэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөннөр байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…

3 часа ago
  • Сонуннар

Матвей Евсеев хайа рудатын национальнай хампаанньатын салайааччытынан ананна

"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…

4 часа ago
  • Сонуннар

АЛРОСА АК уонна “Анаабыр алмаастарыгар” махтанабыт

Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…

4 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Ытык Күөлгэ лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ

Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…

5 часов ago