Дьэдьэн сыттаах алааска…
Саха сирин айылҕатын биир саамай минньигэс, уос номоҕо оҥостор отоно – дьэдьэн буолар.
Сир аһыттан бастакынан кини ситэр буолан, хайа улууска төһө элбэх үүммүтэ кэпсэлгэ сылдьар. Бу кэмҥэ сарсыарда аайы социальнай ситимнэргэ эҕэрдэлэһии дьэдьэнтэн саҕаланар. Арааһа, хайа да сир аһыгар итинник болҕомто бэриллибэт.
Уоппуска хас да хонуга анаан-минээн киниэхэ ууруллар, дьэ уонна биир үтүө күн баҕа санааҥ туолар. Массыынаҕа олорон, өрүһү паромунан туораан, аспаал суол устун сыыйылыннара тураҕын.
Ойуурга киирэн, дьэдьэн угун булан, арыйа тардан, бу кытаран, бөлтөһөн олорор барахсаттары көрөртөн ордук дьол баар буолуо дуо. Бастакы дьэдьэннэр иһитиҥ түгэҕэ сабыллыар диэри топ-топ гына тыаһыыллара бэйэтэ туспа муусука. Сөп буола-буола, сыттаан, амтаһыйан ылаҕын. Улам-улам эбиллэн иһэрин көрө-көрө манньыйаҕын. Хайдах курдук күөрчэххэ кутан сииргин, Саҥа дьылга таһааран остуол бастыҥ миэстэтигэр уураргын эбэтэр маанылаах ыалдьыккын күндүлүүргүн былаанныыгын. Дьэдьэн барахсан итинник киһи үөрүүлээх күннэрин кытта алтыһар эбит. Ол кэннэ кыһыҥҥы тымныы күннэргэ хаартыскаларгын сыымайдыыгын, дьэдьэннээбитиҥ туһунан өр сылларга минньитэ сылдьан кэрэ кэпсээн оҥостоҕун.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: