Денис Пушилин Донбасс куораты чөлүгэр түһэриигэ Саха сирэ көмөтүн иһин махтанна

Share

Арассыыйа уонна ДНӨ Дьоруойа Дмитрий Егоров «Сунтаар» убайа Алексей Егоров Донецкайга ДНӨ баһылыга Денис Пушилины кытта көрүстэ диэн байыаннай дьайыы зонатыгар суһал ыстаап бэрэстэбиитэлэ Екатерина Винокурова иһитиннэрдэ.

Көрсүһүү кэмигэр ДНӨ Баһылыга Дмитрий Егоров Сунтаар улууһуттан муора пехотинеһа хорсуннук сэриилэспитин туһунан санатта.  Оттон балаҕан ыйын 9 күнүгэр Дмитрий Егоров өстөөх тэҥэ суох күүстэрин кытта кыргыһыыга киирээт, позициятын хаалларбатах уонна утарсааччылары тохтоппут. Киниэхэ ДНӨ уонна Арассыыйа Дьоруойун аатын иҥэрбиттэрэ.

«Биһиги хорсун буойун дьиэ кэргэнигэр, аймахтарыгар махтанабыт уонна ыар сүтүгү эһигитини кытта тэҥҥэ үллэстэбит. Дмитрий Егоров курдук оҥорбут хорсун быһыытынан, кыайыы ситиһиитигэр суол оҥоһуллар. Дьиэ кэргэттэригэр чулуу оҕону иитиигэ, Ил Дархаҥҥа уонна Саха сирин олохтоохторугар Донбасс куораты чөлүгэр түһэриигэ тугунан да сыаналаммат көмөҕүт иһин махтанабын», — диэтэ Денис Пушилин. ДНӨ баһылыгыгар Алексей Егоров Дмитрий Егоровка үрдүк сыанабылын иһин махтанна.

«Саха сирэ уонна Донбасс икки ардыларыгар фашизмы утары охсуһууга үйэлээх бырааттыы буолуу санаата үөскээтэ. Биһиги дьиэ кэргэммит Дмитрий Егоров кэриэстэбилигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһаргыт иһин Саха сирин олохтоохторугар уонна салалтатыгар махтанабыт», – диэтэ Алексей Егоров.

Сиһилии манна аах.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Үрдэл» музыкальнай бириэмийэ кыайыылаахтара ааттаннылар

Тохсунньу 4 күнүгэр «Саха» НКИХ саха алыптаах ырыатын «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэтэ 2024 сыл бастыҥ ырыаларын…

19 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нумеролог билгэтэ: Гороскоп 2025 сылга тугу кэпсиирий?

Нумеролог Мариана Тимофеева 2025 сылы билгэлээтэ. Үүммүт сыл, сыыппара хараҕынан көрдөххө, тугу тосхойоруй? Үүммүт Иэйиэхсит…

51 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэй улууһугар дьахтар эр киһини өлөрбүт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр нацбырайыактарынан 170 эбийиэк тутуллубут

Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥалас трассатыгар суоппар кыыһы быыһаатылар

Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…

2 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар

Айар бырайыак сүрүн бирииһэ — Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ

Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…

2 часа ago