Дьиэ кэргэн династиялара бэйэлэрин бииcинэстэрин Судаарыстыбаннай Дуумаҕа быыстапкаҕа көрдөрдүлэр

Share

Арассыыйа урбаанньыттарын күнүн көрсө Судаарыстыбаннай Дуумаҕа «Арассыыйа эрэгийиэннэрин биисинэс-династиялара» төрдүс Бүтүн Арассыыйатааҕы хаартысканан быыстапката аһылынна. Тэрийээччинэн Судаарыстыбаннай Дуума Дьиэ кэргэн, дьахтар уонна оҕо боппуруостарыгар кэмитиэтэ буолар.

РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова кэпсээбитинэн, дойду араас эрэгийиэннэриттэн 80-н тахса дьиэ кэргэн биисинэһин бастыҥнарын хаартыскалара  быыстапкаҕа турбут. Ол иһигэр биһиги биир дойдулаахтарбыт: Андреевтар дьиэ кэргэттэрэ – гостиничнай биисинэһинэн дьарыктанар «Арктика» САУо уонна оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор эйгэлэригэр өҥөнү оҥорор Постниковтар бааллар.

Тэрийээччилэр бэлиэтээбиттэринэн, РФ Атыы-эргиэн-бырамыысыланнай балаататын сүрүн сыаннаһынан – Арассыыйаҕа дьоҕус биисинэс төрүттэнэригэр олохтоммут үтүө үгэһи салҕааһын буолар. Бүгүн дьиэ кэргэн биисинэһэ араас эйгэҕэ көстөр – өҥөнү оҥорууттан саҕалаан, бэйэ оҥорон таһаарыытыгар  тиийэ. Эспиэрдэр сыаналыылларынан, дьоҕус урбаан 70% тахсата дьиэ кэргэн хампаанньаларынан биллэллэр. Оттон фермерскэй хаһаайыстыба бүүс-бүтүннүү дьиэ кэргэн хампаанньата буолар.

Бүгүн РФ Атыы-эргиэн-бырамыысыланнай балаатата дьиэ кэргэн урбаана федеральнай сокуонунан бигэргэнэригэр туруорсар. Онно дьиэ кэргэн урбаанын өйөөһүн, нэһилиэнньиктэри быһаарыы уонна даҕаны атын нуормалар чопчу суруллуохтаахтар.

Саха сиригэр 2023 с. Ил Дархан Айсен Николаев Үлэ сылынан биллэрбитэ, онон дьиэ кэргэн биисинэһэ ураты суолталаах. Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова бэлиэтээбитинэн, дьиэ кэргэн биисинэһэ өрөспүүбүлүкэҕэ сөптөөхтүк өйөнөр уонна сайдар.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо ыһыаҕар айан: Ырбайбыт ыт, »хаардаах» хайа…

Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО: Өлүөнэ эбэҕэ сэлээркэ тохтубутунан дьаһал ылыллар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга нэдиэлэ иһигэр 188 баһыылка тиэрдилиннэ

Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Давай бросать» диэн никотинтан аккаастаныы марафона саҕаланна

Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар  никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Буойун» киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ

"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥаластар Өлүөнэ өрүс кытылын ыраастаатылар

Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар.  …

5 часов ago