Дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор кииннэр аһыллыахтара
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ Дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор кииннэри тэрийии туһунан кэпсээтэ. Соторутааҕыта маннык киин Арассыыйа үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин пилотнай бырайыагын чэрчитинэн, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит оҕолорго көмөлөһөр пуонда нөҥүө, Чурапчыга аһылынна.
— Сотору кэминэн Дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор кииннэр Дьокуускайга уонна Нам улууһугар аһыллыахтара. Дьиэ кэргэн сылыгар маннык кииннэри арыйыы улахан суолталаах.
Оттон Чурапчыга бу киин сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго көмөлөһөр судаарыстыбаннай тэрилтэ иһинэн үлэлээтэ. Манна оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ уонна ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит ыалларга көмөлөһөр бары өҥө арааһа: мэдиссиинэ, социальнай, реабилитационнай хайысхаларынан баар буолуохтара.
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата бу эбийиэккэ 70 мөлүйүөн солкуобай кэриҥин көрөн, үс этээстээх таас дьиэни атыылаһан, өрөмүөннэппитэ. Анал тэрилинэн, миэбэлинэн хааччыйарга федеральнай уонна муниципальнай бүддьүөттэртэн 5 мөлүйүөн солкуобайдаах грант көрүллүбүтэ, — диэн Айсен Николаев кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: