Дьиэ кэргэттэр устуоруйа пааркатыгар босхо сылдьыахтара

Share

«Арассыыйа — мин устуоруйам» устуоруйа пааркатыгар оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох ыаллар босхо экскурсияларга сылдьахтарын сөп. 

Бу аахсыйа Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ананар, оҕолор, төрөппүттэр Саха сирин уонна Арассыыйа устуоруйатын билэллэригэр, патриотическай иитиигэ туһуланар.

2024 сыл устата ый аайы үһүс баскыһыанньаҕа төрөппүттэр оскуолаҕа үөрэнэр саастаах оҕолорун кытта маннык экспозицияларга босхо сылдьыахтарын сөп:

— «Рюриковичи»;
— «Романовы»;
— «Россия — Моя история 1945 — ХХI век»;
— «Моя история: ХХ век 1914 — 1945: От великих потрясений к Великой Победе».

Бу бырайыак — оҕону иитиигэ, сайыннарыыга биһиги кыракый кылааппыт буолар. Биһиги дойдубут улуу устуоруйатын билиэхтээхпит, оҕолорбутун эмиэ үөрэтиэхтээхпит. Биһиэхэ кэлэн, дьиэ кэргэнинэн сынньаныаххыт, билиигитин хаҥатыаххыт, элбэх интэриэһинэйи билиэххит диэн эрэнэбин. Судаарыстыба дьиэ кэргэни бары өттүнэн өйүүр, биһиги да онтон туора турбаппыт, — диэн «Арассыыйа — мин устуоруйам» паарка дириэктэрэ Дмитрий Соловьев эттэ.

2024 сылы бэрэсидьиэн Владиимр Путин Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Анал ыйааҕар оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ култуура, успуорт тэрилтэлэригэр босхо, эбэтэр чэпчэтиилээх сылдьалларын ыйбыта.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

15 часов ago