Мас кырыыһаны уоттан көмүскүүр ньыма
Көлөппүнэ эбэтэр лүөн арыытыгар убатыллыбыт испиэскэ 3 өлүүтэ уонна бытархай кумах 1 өлүүтэ бииргэ үчүгэйдик булкуллар. Бу суурадаһынынан кырыыһа маһын иккитэ сотуллар. Уоттан эрэ буолбакка сииктэн эмиэ харыстыыр.
Тоһоҕолору дьэбинтэн харыстыыр ньыма
Тоһоҕолору туттуох иннинэ кытарыар диэри уокка ититэбит уонна тутатына сөрүүн лүөн арыытыгар сойута угабыт. Маннык арыыга хатарыллыбыт тоһоҕолор туох да буолбаттар, өр кэмҥэ дьэбиннирбэттэр.
Быһахтары түргэнник уонна үчүгэйдик сытыылыыр ньыма
Уулаах улахан чааскыга икки кымаах тууһу кутабыт уонна онно быһахтар биилэрин угабыт. Отучча мүнүүтэ буолан баран быһахтарбытын ылабыт, соппокко эрэ кыратык сытыылыыбыт. Мөлтөх да тимиртэн оҥоһуллубут быһах маннык ньыманан ордук сытыы буолар.
«Саха ыалын халандаарыттан»,
«Бичик» («Айар») кинигэ кыһата, 2006 с.
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Хаҥалас улууһугар "Улуу…
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…
Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…
Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…