Дьиҥнээх бөлүһүөк

Дьиҥнээх бөлүһүөк

Ааптар:
22.09.2024, 17:00
Бөлөххө киир:

Кто посвятит свою жизнь служению науке,

Того имя и после смерти будет бессмертным.

                                               Навои

Виктор Михайлов дьиҥнээх бөлүһүөк. Тоҕо? Кини төрөөбүт оройуонугар онус кылааһы бүтэрэн, идэни талар туһунан толкуйдаан-толкуйдаан, А. А. Жданов аатынан Ленинградтааҕы судаарыстыбаннай университет философияҕа факультетыгар үөрэнэргэ быһаарыммыта.

Сүрүн сорук — үөрэнии

Сэбиэскэй Сойуус биир бастыҥ университетыгар үөрэнии киниэхэ үрдүк ирдэбили туруорбута. Манна хайаан да бары кыахпын, дьоҕурбун ууран кыһанан үөрэниэхтээхпин диэн бэйэтигэр халбаҥнаабат соругу туруоруммута. Улуу куоракка аралдьыйыам диир киһиэхэ аралдьыйарга кыах баара. Виктор сүрүн соруга — үөрэнии. Университет үөрэнэр куорпустара үгүстэрэ былыргы тутуулар, бары ааттаах-суоллаах улуу архитектордар, ыраахтааҕылар ааттарын кытта сибээстээҕэ. Аудиторияларын ис-тас көстүүлэрэ кими баҕарар сөхтөрөрө. Маннык сиргэ үөрэхтэн сүрэҕэлдьээһин, онуоха-маныаха аралдьыйыы кини өйүгэр-санаатыгар баппата.

Үөрэх күнэ саҕаланыаҕыттан олус чуолкайдык, биир да түгэҥҥэ атынынан дьарыктаммакка, үөрэҕэр сүрүн болҕомтотун уурбута. Устудьуоннарга бииртэн биир, үрдүктэн үрдүк квалификациялаах учуонайдар лиэксийэ ааҕаллара, сэминээрдэргэ холкутук олороллоро да, преподавателлэр дириҥ билиини ирдииллэрэ, хайаан да бэлэмнээх буолуохтааххын, ол боппуруостарга эппиэттииргиттэн көстөрө. Ситэ бэлэмэ суох кэлэриҥ табыллыбата, конспекторыҥ чуолкайдара, ирдэнэр литэрэтиирэни хайаан да аахпытыҥ сэминээр кэмигэр көстөрө. Виктор Михайлов ыраах Саха сириттэн кэлбит киһи атын омук оҕолоруттан хаалсыбаттыы дьарыктаммыта. Үөрэх былаан, бырагыраама быһыытынан бэрт чуолкайдык барара. Учуонайдар лиэксийэлэригэр  араас кэмҥэ олорон, үлэлээн ааспыт биллиилээх дьоннор үлэлэрин биэс тарбахтарын курдук билэн ырыталлара олус сөхтөрөрө уонна кинилэр курдук киэҥ билиилээх буоларга угуйарга дылыта. Виктор учууталларын кэпсээннэрин олус сэргээн, болҕомтотун ууран истэрэ, конспектыыра, өйдөөбөт түгэнигэр ыйыталаһара, ардыгар ким да күүппэтэх сытыы боппуруоһун биэрэрэ. Ленинград учуонайдара бэйэлэрин икки ардыларыгар мөккүһэллэрэ, араас боппуруостары ырытыылара туспалааҕа  — итини устудьуон Михайлов булан аахпыт буолара. Эдэр киһи Ленинград дьикти мусуойдарыгар, тыйаатырдарыгар сылдьара. Аан дойдуга биллибит худуоһунньуктар дьикти үлэлэрин сөҕө көрөрө, өссө араас суруйуулары билсибитэ.

Олоҕун аргыһынаан

Устудьуоннуу сылдьан бииргэ үөрэнэр кыыһын кытта доҕордоспута. Тамара эмиэ кини курдук ыраах сиртэн, үрдүк таас хайалардаах, бурдук үүнэр үтүөкэннээх бааһыналардаах Алтайтан, Сэбиэскэй былаас төрүттэммит куоратыгар үөрэнэ, билиигэ тардыһан кэлбитэ. Эдэр дьон иллэҥ кэмнэригэр Ленинград дьикти сирдэринэн күүлэйдииллэрэ, сынньаналлара уонна бэрт чуолкайдык үөрэхтэрин дириҥник билэргэ сыраларын уураллара. Ыал буолан оҕоломмуттара, ол эрэн үөрэхтэрин бүтэрбиттэрэ, баҕаларын хоту научнай-чинчийэр үлэнэн утумнаахтык дьарыктанан, философияҕа диссертацияларын ситиһиилээхтик көмүскээн, Тамара Михайловна төрөөбүт сиригэр Алтайга кэлэн үлэлээбиттэрэ. Виктор манна өр буолар санаата суоҕа, онон аҕыйах сыл үлэлээт, төрөөбүт дойдутугар кэлбитэ.

Төрөөбүт дойдутугар

Саха судаарыстыбаннай университетыгар философия уонна научнай коммунизм кафедратын Сэбиэскэй Сойууска биллэр бөлүһүөк, бэрэпиэссэр А. Е. Мординов салайара. Бастаан кинини көрсөн кэпсэппиттэрэ. бөлүһүөк анал үөрэхтээх, кандидатскай истиэпэннээх икки бэлэм преподаватели кырдьаҕас бэрэпиэссэр үлэҕэ ыларга сөбүлэспитэ. Университет ректора, аан дойду космофизиктара билинэр киһилэрэ бэрэпиэссэр А. И. Кузьмин ытык кырдьаҕас Авксентий Егорович илии баттаабыт сайабылыанньаларын көрөн, бирикээһи бэлэмнииргэ каадыр отделын дьаһайбыта. Дьэ итинник, Михайловтар иккиэн Саха судаарыстыбаннай университетыгар үлэҕэ ылыллыбыттара, олохторун дьиҥнээхтик, халбаҥнаабаттыы оҥостубуттара. Дьыл-күн барар. Михайловтар манна үлэлии сылдьан иккиэн философскай билим дуоктара буолар диссертацияларын ситиһиилээхтик көмүскээбиттэрэ. Үрдүкү Аттестационнай кэмитиэт учуонай истиэпэҥҥэ бигэргэтэр, онтон салгыы ити кэмитиэт бэрэпиэссэр-учуонай званиетыгар бигэргэтэр. Университекка үлэлиир биир ыал, икки дуоктар, икки бэрэпиэссэр, сонун суолу аһаллар. Михайловтар кэлээтин иккиэн университет, куорат уонна өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттан барбыттара.

Саха судаарыстыбаннай университетыгар философияҕа диссертационнай сэбиэт үлэтин саҕалаабыта. Михайловтар иккиэн диссертационнай сэбиэт чилиэннэрэ, Тамара Михайловна диссертационнай сэбиэт учуонай сэкирэтээрэ, салгыы бу сэбиэккэ докторскай диссертациялары көмүскээбиттэрэ, онон уонтан тахса философскай билим дуоктардара, түөрт уонтан тахса философскай билим хандьыдааттара баар буолбуттара. Михайловтар философскай билимҥэ учуонайдары бэлэмнээһиҥҥэ сүҥкэн кылааты киллэрсибит бөлүһүөк-учуонайдар диэн бигэргэтэбин.

Лиэксийэтигэр дьон мэлдьи сылдьара

Виктор Данилович туһунан туспа кэпсээммин салгыыбын. Эппитим курдук, Ленинградка үөрэнэн бөлүһүөк идэтин ылар, аспирантураны эмиэ Ленинградка, кандидатскай диссертациятын эмиэ Ленинградка көмүскээбитэ. Быһата — Ленин куората кинини философияҕа учуонай оҥорбута. Иитиллибит кыһатын мэлдьи сылаастык ахтара, күндүтүк саныыра уонна хайдахтаах курдук учуонайдар тылларын-өстөрүн истибитин сүрэҕэр-быарыгар иҥэрэн сылдьыбыта. Сынньанар кэмигэр эдэр сааһын эргитэн көрөрө, бииргэ үөрэммит табаарыстарын тустарынан саныыра. Көрсөн кэпсэттэххэ, ааспыты ахтыһан аастахха, дьикти түгэн буолуон сэрэйэрэ.

Учуонай Михайлов лиэксийэтигэр дьон мэлдьи элбэхтик сылдьара, истэрэ, араас боппуруостары биэрэрэ, ардыгар соруйан мөккүөрдээҕи, эҕэлээҕи ыйыталаһара… Виктор Данилович итинник ыйытар дьоҥҥо бэрт холкутук, ылыналларын курдук хоруйдуура. Кинини араас түмсүүлэргэ элбэхтик ыҥыраллара уонна боппуруоһун дуу, тиэмэтин дуу эрдэ этэн кэлэн кэпсииригэр көрдөһөллөрө.

Маны таһынан кинигэ сүрэхтэниитигэр кыттара. Бу түбэлтэҕэ кини кинигэни баһыттан-атаҕар тиийэ аахпыт буолара, ис хоһоонугар, тылыгар-өһүгэр, сороҕор грамматическай алҕаһыгар тохтуура, кинигэҕэ хаартыскалар хайдах аттарыллыбыттарыгар санаатын этэрэ, өссө, үчүгэйдик билэр киһитэ буоллаҕына, ханнык эрэ түгэни ситэ сырдаппатах буоллахтарына, ону быһаччы этэрэ. Бэрэпиэссэр В. Д. Михайлов учуонайдар саҥа таһаарар кинигэлэригэр рецензия суруйан, бэчээттэнэригэр үгүстүк күүс-көмө буолара. Кини бигэргэтэрэ: “Үчүгэйдик суруллубут үлэ эйигин бэйэҕин үрдэтэр, дьоҥҥо аптарытыаттанаҕын, сыаналанаҕын уонна биһирэнэҕин. Кэлин да суруйууларгын дьон сэргээн ааҕыахтара уонна дьоҥҥо эн тускунан үчүгэйдик ахтыахтара”, — диэн санаатын түмүктүүрэ.

Виктор Данилович араас хамыыһыйаларга эспиэрт быһыытынан кыттара. Кини этиитэ олохтоох уонна чуолкай буолан, сыаналыырын хамыыһыйа ылынара. Маны таһынан университекка диссертационнай сэбиэттэр үлэлиир сылларыгар хас да сэбиэккэ чилиэн быһыытынан сылдьыбыта, үлэлээбитэ. Эппитим курдук, философияҕа кандидатскай уонна докторскай диссертационнай сэбиэт чилиэнэ, өссө сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. Маны сэргэ үгүс научнай кэмпириэнсийэлэргэ, симпозиумнарга, сэминээрдэргэ кыттыбытын ааҕан сиппэккин. Виктор Михайловы бөлүһүөк-учуонайдар киэҥник билинэллэрэ, ытыктыыллара, тылын-өһүн болҕомтолоохтук истэллэрэ, этиилэрин ылыналлара. Кини диссертацияларын көмүскүүр дьону тимирдэ сатаабата, була сатыы-сатыы үлэҥ мөлтөх, эппиэттээбэт диэбэт этэ, хата долгуйбакка, эрэллээхтик туттан, көнөтүнэн боппуруостарга эппиэттииллэригэр көмөлөһөрө. Педагогикаҕа анаммыт диссертационнай сэбиэт, педагогическай билим дуоктара, бэрэпиэссэр Дмитрий Алексеевич Данилов салалтатынан үлэлээбитэ, элбэх дьон учуонай буоларыгар күүс-көмө, суол аспыта.

Билиҥҥи олох туһунан

Виктор Михайлов билиҥҥи олоҕу сирбэтэ. Кини этэрэ: “Дьон куһаҕаннык олоробут дииллэр. Өйдөөн көрүҥ эрэ, уулуссаҕа киһи сатаан хаампат: массыыналарга киирэн биэриэх курдуккун. Дьиэ таһыгар араас маркалаах массыыналар киһи ааспатын курдук, симиллэн тураллар. Биһиги куораппытыгар дьиэ бөҕө тутулунна, саҥаттан саҥа дьиэлэр, араас көстүүлээхтэр, халлааҥҥа харбаһаллар, хастыы эмит мэндиэмэннээхтэр. Бу барыта — билиҥҥи кэм көстүүтэ!”.

Виктортан инники былаанын туһунан хас көрүстэхпит аайы ыйытарым. “Сааһырдым, үлэлээн бүтүөхпүн сөп. Суруйарга үлэ былаана үгүс. Холобур, философия уонна бөлүһүөктэр тустарынан үлэни суруйуом, бу улахан үлэ, өссө Тамарам туһунан оҕолорбор анаан суруйар санаалаахпын. Бу туһунан саныы сылдьабын, мэлдьи. Кинини үйэтитиигэ миигиттэн ордук ким суруйуоҕай? Научнай чинчийиилэрбин түмэн, монография бэлэмниибин, бу күннээҕи үлэҕэ тырыта тыыттара сылдьан, кыайан ыпсарбаккын, онон олохтоохтук олорон эрэн үлэлиэххэ наада. Маны сэргэ араас өрүттээх ыстатыйалары, ахтыылары суруйуохтаахпын. Чэ, ити курдук, кылгастык эттэххэ, былаан, баҕа санаа баһаам. Төһөтө кыаллар, билбэтим…”, — диэн баран утары көрөн кэбиспитэ.

Виктор Данилович эдэрчи сааһыгар хомолтолоохтук күрэннэ. Кини аатын үйэтитии боппуруоһугар үлэлээбит университетын салалтата уопсай тылы булалларыгар эрэнэбин. Хамыыһыйа тэрийэн, үлэлэрин түмэн кинигэ оҥорон, бар дьонугар бэлэх уунуохха.

Билиминэн дьарыктанар дьон үрдүк квалификациялаах исписэлиис үлэтин биһирээн көрсөллөрүгэр бигэ эрэллээхпин. Бөлүһүөк В. Д. Михайлов аатын үйэтитиигэ сиэрдээх дьаһаллары ылыныахтарыгар баҕарабын. Кини аатын умнумуоҕуҥ.

Иван БОРИСОВ,

суруналыыстыка бэтэрээнэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: