Дизельнэй уматыктаах массыына түҥнэстибит

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Халыма» федеральнай суолга «SITRAK C7H» массыына суолтан туораан түҥнэһиннэ. Бу туһунан Госавтоиниспиэксийэ иһитиннэрдэ.

Балаҕан ыйын 17 күнүгэр 14:30 чааска Мэҥэ Хаҥаластааҕы дьуһуурунай чааска «Халыма» суолга массыына түҥнэстибитин туһунан суһал иһитиннэрии киирбит. Ол курдук «Халыма» федеральнай суол 72 км 1989 сыллаах төрүөх   «SITRAK C7H» массыына суоппара Аллараа Бэстээх диэкиттэн айаннаан иһэн, уруулун кыайан туппакка суолтан тахсан түҥнэстибит. Ол түмүгэр  дизельнэй уматык тохтубут. Суол саахалыгар суоппар эчэйбэтэх. Бэйэтэ соҕотох айаннаан испит.

Бэрэбиэркэ түмүгэр биллибитэ, суоппар арыгы испит эбит.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Тропами Победы» – “Дальний Восток – Земля приключений” куонкурус саҥа номинацията

 «Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска “Тропами Победы” (“Кыайыы ыллыгынан”) диэн саҥа номинация баар буолла.…

5 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга полицейскайдар олохтоох киһиттэн 4,5 киилэттэн тахса гашиһы былдьаатылар

Саха сиринээҕи ИДьМ наркотигы хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ бобуулаах веществолары сокуона суох тарҕатыыга уорбаланар 30 саастаах…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сунтаар бибилэтиэкэтэ айар дьоҕурдаахтары түмэр

Леонид Попов аатынан Сунтаар улуустааҕы библиотекатын айымньылаах үлэтин биир бэлиэ көстүүтүнэн үгэс курдук ыытыллар “Сунтаар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо ыһыаҕар батыйаны оҥорууга Амма улууһун ууһа кыайда

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түгэннэриттэн биирдэстэринэн «Батыйа - эр хоһуун санаа уонна үрдүк таһым бэлиэтэ»…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҥхо ыһыаҕа: Олоҥхону сэттэ тылынан аахтылар

Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕар түөрт сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыт «Олоҥхону ааҕабыт» бырайыак салҕанна. Үгэс курдук, бырайыагы…

6 часов ago
  • Чэгиэн

1 тииптээх саахарынай диабеттаах оҕолор аныгы систиэмэнэн хааччылыннылар

Саха сиригэр 1 тииптээх саахарынай диабеттаах 2-17 саастаах оҕолор сыл бастакы аҥаарыгар глюкоза тиһигин быспат…

6 часов ago