Арассыыйа Федерациятын бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Чернышенко Саха сиригэр оробуочай сырыытын чэрчитинэн М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка сырытта. Киниэхэ үрдүк үөрэх кыһатын сайдыытын бырайыактарын билиһиннэрдилэр.
Тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев кытынна. Университет сайдыытын уонна наукаҕа бырайыактарын туһунан ХИФУ ректорын э.т. Анатолий Николаев кэпсээтэ.
Билигин өрөспүүбүлүкэ «Аныгы кампустар ситимнэрин тэрийии» федеральнай бырайыак чэрчитинэн куонкуруска кыттарга бэлэмнэнэр.
Саха сирин «суперкампуһун» уратытынан орто үөрэх тэрилтэлэрин каадырдары тиһигин быспакка бэлэмнээһин уопсай систиэмэтигэр киллэрии буолуоҕа. Бырайыагы 10,5 га иэҥҥэ олоххо киллэрии былааннанар, эбийиэктэр уопсай иэннэрэ — 132 тыһыынча кв.м.
«Саха сирин салалтата Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты өйүүр уонна үрдүк үөрэх кыһатын базатыгар аан дойду таһымнаах кампус баар буоларыгар интэриэстээх. Талааннаах ыччат бэйэтин эрэгийиэниттэн ханна да барбакка эрэ науканан дьарыктанар уонна билиини ылар кыахтаныаҕа. Саха сирэ бу киэҥ хабааннаах федеральнай бырайыак сорҕотунан буоларыгар эрэнэбит», – диэтэ Арассыыйа бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ.
«Үрдүк үөрэх кыһаларын икки ардыларынааҕы кампуһу тэрийии эрэгийиэн экэниэмикэтин креативнай специализациятын учуоттаан үөрэҕириини сайыннарыыга дьоһун суолталаах. Бырайыак Арассыыйа бэрэсидьиэнэ өйөөбүт Дьокуускай куорат маастар-былаанын сорҕотунан буолар. Бу — идэлээх каадырдары бэлэмнииргэ үрдүк технологиялаах научнай-үөрэх эйгэтин тэрийэргэ туһуламмыт, дойду хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр соҕотох кампуһунан буолуоҕа», – диэтэ Ил Дархан.
Ыалдьыттарга «Регион для молодых» бырагыраама көҕүлээһиннэрин уонна «Север» НОЦ чэрчитинэн бырайыактары билиһиннэрдилэр. Ити бырайыактар ортолоругар «Арктика матырыйааллара уонна технологиялара», «Хотугу сир тыыннаах систиэмэлэрэ», «Технологии сохранения языкового и культурного многообразия» курдук стратегическай хайысхалар бааллар.
2023 сыллаахха ХИФУ, Сбер уонна Саха сирин бырабыыталыстыбата ускуустубаннай интеллект салаатыгар бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаабыттара.
Дмитрий Чернышенко ону таһынан мамоны чинчийиигэ П.А.Лазарев аатынан наука лабораториятын үлэтин билистэ.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…