Дмитрий Давыдов «Чума» киинэтин көрөөччү күүтэр
Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 12 күнүгэр, “Лена” киинэ тыйаатырыгар Дмитрий Давыдов “Чума” киинэтин суруналыыстарга көрдөрдүлэр.
Киинэ иннинэ продюсер Яна Байгожаева киинэҕэ уһуллубут Эрхан Слепцову уонна үлэлэспит эдэр дьону сыанаҕа ыҥыран билиһиннэрдэ. «Чума» режиссера, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, “Кинотавр” 31-с бэстибээл сүрүн бирииһин ылбыт Дмитрий Давыдов бэйэтэ командировкаҕа сылдьар буолан кыайан кэлбэтэх.
Киинэҕэ обургу саастаах уолаттары соҕотоҕун иитэр аҕалар уонна кинилэр уустук сыһыаннара көрдөрүллэр.
Сүрүн оруолу толорооччу Эрхан Слепцов бу бастакы улахан оруола буолбатах. Кини Михаил Лукачевскай “Кыталыктаах кырдалым” уонна Любовь Борисова “Не хороните меня без Ивана” киинэлэригэр уһуллубута. Эрхан бу киинэни хас биирдии көрөөччү бэйэтин оҕотун хараҕынан көрөрүгэр уонна ылынарыгар баҕарда.
Бэйэтэ үгүс киинэлэрдээх режиссер Степан Бурнашев бу сырыыга киинэни таҥааччы быһыытынан үлэлээтэ. Кини киинэ Аммаҕа сылдьар кэмигэр уһуллубут буолан тута үлэлэһэн барбытын, бары биир хамаанда буолан өйдөһөн үлэлээбиттэрин туһунан кэпсээтэ. Киинэҕэ Саха сирин эрэ дьонун олоҕо, онно буолбут түбэлтэ көрдөрүллэр буолбакка, маннык түгэннэр дойду ханнык баҕарар дэриэбинэтигэр, олоҕор-дьаһаҕар буолуохтарын сөбүн туһунан эттэ.
Висбадеҥҥа goEast! бэстибээлгэ ФИПРЕССИ наҕарааданы ылбыт киинэ балаҕан ыйын 19 күнүттэн киинэ тыйаатырдарыгар көрдөрүллүөҕэ. Киинэни устааччылар «Үтүө санааны мөлтөх буолуу курдук ылыныма» диэн эрэкэлээмэлээх киинэ ситиһиилэнэригэр эрэллэрин биллэрдилэр. Оруоллары толорооччулар Георгий Бессонов, Эрхан Слепцов, Евгений Николаев, Радмир Романов киһи дууһатын таарыйар гына олус итэҕэтиилээхтик оонньоотулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: