Дмитрий Лепчиков: «Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллыбыттарга уонна кини дьиэ кэргэттэригэр киэҥ өрүттээх көмө оҥоһуллар”
2022 сыл алтынньы 10 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттааччылары эбии хааччыйыыны сүрүннүүр уонна хардарыта бииргэ үлэлэһэр сыаллаах суһал ыстаабы тэрийбитэ. Састааба бигэргэтиллибитэ. Манна эппиэттээх биэдэмистибэнэн СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэтэ анаммыта. Суһал ыстаап састаабыгар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уорганнарын салайааччылара бааллар, бэрэссэдээтэлинэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников талыллыбыта, кини солбуйааччытынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Николаевич Лепчиков анаммыта.
Дмитрий Николаевич ыстаап ыытар үлэтиттэн бу курдук иһитиннэрдэ:
— Ыстаап үлэтин сүрүн соруктарынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааһын ситэрилээх уорганнара, олохтоох салайыныы уорганнара уонна тэрилтэлэрэ түмсэн бииргэ үлэлээн, быстах хомуурунан ыҥырыллыбыт дьону хааччыйыы боппуруостарын хонтуруолга ылан, түргэнник быһаарыы буолар. Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата уопсастыбаннай тэрилтэлэри уонна РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлин кытта ыкса үлэлэһэн, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ мобилизацияламмыттарга уонна баҕа өттүнэн барбыттарга киэҥ өрүттээх күүстээх үлэни ыытар.
Анал байыаннай эпэрээссийэ бастакы күннэриттэн ыла Саха сиригэр мобилизацияламмыттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр үтүө баҕанан көмөлөһүүгэ уопсастыбаннай хамсааһыннар, тэрилтэлэр, муниципальнай тэриллиилэр уонна волонтердар үлэлииллэр. Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттааччыларга гуманитарнай көмө оҥорор уонна баһыылкалары ыытар пууннар тэрилиннилэр.
Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев, СӨ Бырабыыталыстыбата уонна министиэристибэлэр көмөлөрүнэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай таһаҕастар, тактическай сэбилэниигэ көмө хас да төгүллээн ыытыллыбыттара. СӨ Бырабыытыластыбатын өйөөһүнүнэн Байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрин Өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциациятын чилиэннэрэ Москва куоракка анал үөрэхтээһин киинигэр туһааннаах куурустары аастылар. Кууруһу ааспыт бэтэрээннэр Дьокуускайга төннөн кэлэн, баҕа өттүнэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барааччылары анал тактическай дьайыыларга үөрэтэллэр.
Суһал ыстаап быһаарыытынан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттааччылары эбии хааччыйыыга туох киирэрин испииһэгэ бигэргэтиллибитэ. Испииһэккэ саамай наадалаах маллар, ол иһигэр буойуннар экипировкалара (таҥас-сап, аптечка, утуйар мөһөөччүк, бинокль, квадрокоптер, түүҥҥү көрүү-истии прибордара уо.д.а.), ону тэҥэ бронежилет, көмүскүүр каска киирдилэр. Бу испииһэги оҥорууга «Боотур» үөрэтэр киин инструктордара-байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрэ үлэлэстилэр. Маны Байыаннай комиссариат бигэргэппитэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүттэн уонна бүддьүөт тас өттүттэн Арассыыйа Оборуонаҕа министиэристибэтин байыаннай сөмөлүөттэрин Дьокуускай куорат аэропордугар уматыгынан хааччыйыыга үп көрүллэн турар. Маны сэргэ СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэтэ эбии хааччыйыыны тэрийиигэ уонна үбүлээһиҥҥэ хас даҕаны бырайыак оҥорон бэлэмнээтэ. СӨ Байыаннай комиссариатын туруорсуутунан өрөспүүбүлүкэҕэ баар саппаастан (резервэттэн), уу фильтра, бензопила, громкоговоритель, кыһыҥҥы балаакка, генератор курдук,матырыйаалынай көмө малын-салын ылыыга үп көрүлүннэ. Билигин суһал ыстаап обмундированиены эбии атыылаһыыга (ичигэс ис таҥас, утуйар мөһөөччүктэр, сабыылар, атах таҥаһа, тас таҥас, бэргэһэ), сэби-сэбиргэли булууга (квадрокоптердар, тепловизордар, бинокллар, түүҥҥү монокулярдар уо.д.а.) үлэтин салгыыр. Бүгүҥҥү күҥҥэ табаарынай матырыйаал сыаннастарын 18 байыаннай чааска уонна эрэгийиэннээҕи Байыаннай комиссариакка тиэрдэн турабыт. Ону таһынан матырыйаалынай сыаннастары Дьокуускайтан сөмөлүөтүнэн тирэх пууннарга уонна госпиталларга диэри тиэрдии хааччылынна.
Суһал ыстаап өрөспүүбүлүкэттэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа өттүнэн кытта барар «Боотур» этэрээтин толору хааччыйан, бу күннэргэ этэрээт анал байыаннай дьайыылар зоналарыгар көппүтэ. Ону таһынан инники кирбиигэ кытта барбыт буойуннарбытыгар анаан туспа «итии лииньийэ» тэриллэн, кинилэр байыаннай дьайыы буола турар сирдэригэр тахсар боппуруостары быһаарсар кыахтаныахтара.
Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттааччылары сэбинэн-сэбиргэлинэн хааччыйыы уонна байыаннай чаастартан, эрэгийиэннээҕи Байыаннай комиссариаттан киирэр сайаапкаларынан көмөнү оҥоруу өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн, бүддьүөтү таһынан киирэр үптэн (Донбасска көмө Хотугулуу-Илиҥҥи фондата, муниципальнай тэриллиилэр, тэрилтэлэр көмөлөрө) көрүллэр. Ол курдук массыыналар, квадрокоптердар, тепловизордар, түүн көрөр прибордар, сибээс сириэстибэлэрэ, сылытар тэриллэр, таҥнар, утуйар таҥас, ичигэс ис, тас таҥас, сиргэ илдьэ сылдьарга аналлаах үрүсээктэн балааккаҕа, сапер лаппаакытыгар тиийэ, ардахтан, хаартан уонна бойобуой быһыыга-майгыга харыстыыр араас тэриллэр уо.д.а., араас аккумулятор батареялар, иитэр тэриллэр, антенна, банаарык курдук тэхиньиичэскэй сириэстибэлэр, мэдиссиинискэй көмөҕө наадалаах эмп-том, мал-сал ылыллан ыытыллар.
Ону таһынан Москва, Владивосток, Улан-Удэ куораттарга анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттарга бэлэмнэниини ааһа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөр сыаллаах тирэх пууннар арыллан үлэлииллэр. Маннык пууннар сотору кэминэн атын хайысхаларынан эмиэ арыллыахтара.
Бу үлэни таһынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэтэ Донецкай, Луганскай уобаластартан кэлбит дьон быстах кэмҥэ олорор пууннарын тэрийиигэ, аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга бүддьүөт үбүн-харчытын дьаһайааччынан анаммыта. Ол курдук СӨ Бырабыыталыстыбата 2022 сыл кулун тутар 5 күнүгэр таһаарбыт № 178-р дьаһалынан 534 киһи батар 7 пууна бэлэмнэммитэ. Нерюнгри оройуонугар 90 киһиэхэ аналлаах 2 быстах олорор пуун, Мииринэй оройуонугар 200 киһини быстах олохтуур 3 пуун, Дьокуускайга 244 киһи батар эмиэ оннук 2 пууна тэриллибиттэрэ. Сэтинньи 22 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 768 киһи уонна 262 оҕо бэйэлэрин баҕаларынан кэллилэр. Кинилэр Нерюнгри, Мииринэй, Ленскэй, Алдан, Дьокуускай, Уус Маайа, Дьааҥы, Хаҥалас, Томпо улуустарыгар тиийдилэр. Кэлээччи ахсаана күннэтэ уларыйа турар. Кэлбит дьон олорор сиринэн, үлэнэн хааччыллаллар, оҕолоро оскуолаҕа, оҕо саадыгар сылдьаллар. Бу курдук дойдубут кыһалҕатын тэҥҥэ үллэстэн, туох кыалларынан, көмөлөһөбүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: