Дмитрий Наумов үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ салҕаналлар

Share

Алтынньы 27 күнүгэр П.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,  СӨ норуодунай суруйааччыта, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, уопсастыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл,  Амма уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Федосеевич Наумовы 75 сааһынан эҕэрдэлээтилэр.  

«Кэпсээн киэһэтэ» үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ  Саха академическай тыйаатырын  артыыстара, «Балаҕаннаах бэтиэхэлэрэ» көр-күлүү норуот тыйаатыра (Үөһээ Бүлүү), Алтан норуодунай тыйаатыра (Амма улууһа), Хатастааҕы норуот тыйаатыра уо.д.а. кытыннылар.

Нам улууһун баһылыга Степан Кузьмин:

«Дмитрий Федосеевич  1995-2000 сылларга улуус баһылыгынан үлэлииригэр төрөөбүт Амматын улууһугар  олус элбэҕи оҥорбута. Кини салалтатынан улуус тыа хаһаайыстыбатын уонна социальнай-экэнэмиичэскэй эйгэлэрэ   сайдыбыттарын сэргэ, улуус устуоруйатын уонна култууратын чинчийии күүһүрбүтэ. Биһиги, кини биир дойдулаахтара, Дмитрий Наумовынан киэн туттабыт”, — диэн бэйэтин эҕэрдэтин тириэртэ.

Саха тыйаатырын дириэктэрэ Петр Макаров уонна сүрүн режиссер Руслан Тараховскай көрөөччүлэр иннилэригэр сыанаҕа тахсан,  Дмитрий Федосеевиһы эҕэрдэлээтилэр.
Петр Макаров Саха тыйаатырын аатыттан өйдөбүнньүк бэлэҕи үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

Алампа» аатынан бириэмийэ  “Саха бастыҥ драматура”  диэн лауреата  буолбуппар Сахам тыйаатырыгар  махталым улахан. Бу сыанаҕа турбут испэктээктэрим иһин бу үрдүк ааты ыллым дии саныыбын. Саха тыйаатырын кэлэктиибигэр махтанабын, – диэн Дмитрий Федосеевич махталын биллэрдэ уонна  “Сандаарар сарыал саллааттара” испэктээк суруллубут устуоруйатын көрөөччүгэ билиһиннэрдэ.

Режиссер Руслан Тараховскай Дмитрий Федосеевич испэктээгэр оонньообутун (“Оҕустар забастовкалара”) уонна хас да испэктээги туруорбутун (“Бүгүн, эбэтэр хаһан да…”,  “Республика“, “Сандаарар сарыал саллааттара”) кэпсээтэ уонна кини пьесаларын Саха тыйаатырын сыанатыгар өссө да туруорар баҕалаахтарын туһунан эппитин көрөөччүлэр ытыс тыаһынан көрүстүлэр.

Быйыл Дмитрий Наумовка аналлаах  үбүлүөйдээх тэрээһиннэр  былаан быһыытынан ыытыллаллар:

-Саха тыйаатыра бэйэтин 118-с сезонугар норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов үбүлүөйдээх сылынан хас да испэктээги көрдөрдө.

-Алтынньы 28 күнүгэр  “Бүгүн эбэтэр хаһан да” испэктээк (режиссердар Андрей Борисов, Руслан Тараховскай) буолла. Испэктээк саха норуотун уһулуччулаах уола, судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Исидор Барахов олоҕун сырдатар.

-Алтынньы 20 күнүгэр П.Ойуунускай аатынан  Литература мусуойугар “30 кэпсээн” кинигэтэ сүрэхтэннэ.

-Алтынньы 29 күнүгэр  үбүлээр айымньытынан туруоруллубут “Сандаарар сарыал саллааттара” испэктээк Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгиттэн  төрүттээх Николай Ноттосовка ананан, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр ыар дьылҕалаах дьон олоҕун, сэрии сүтүгүн, дьоруойдуу быһыыны көрдөрөр. Режиссер Руслан Тараховскай испэктээккэ сүрүн дьоруой сирдээҕи таптала ыарахан кэмнэри туоруурга көмөлөспүтүн сатабыллаахтык көрдөрөр.

-Сэтинньи 3 күнүгэр Национальнай мусуой Историческай саалатыгар   суруйааччы икки кинигэтэ уонна 3 аудиокинигэтэ сүрэхтэниэҕэ.

— Амма улууһугар олохтоох табаары оҥорооччулар бородууксуйаларын дьаарбаҥката ыытыллыаҕа. Манна сыһыаран эттэххэ, бу дьаарбаҥкаҕа быйылгыттан ыла Дмитрий Наумов аата иҥэриллиэҕэ.

-Сэтинньигэ Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгэр Дмитрий Наумов аатынан модельнай бибилэтиэкэ өрөмүөн кэнниттэн аһыллыаҕа. Норуодунай суруйааччы бу үөрүүлээх түгэҥҥэ бибилэтиэкэҕэ 100 кинигэни бэлэхтиир былааннаах.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago