Дмитрий Садовников тутууну бытаардыбыт бэдэрээтчиттэри кытта кэпсэттэ
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников үлэ кыраапыгыттан хаалан, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүллүбүт дьоҥҥо дьиэ тутар бэдэрээтчиттэри түмэн куйаар ситиминэн кэпсэттэ.
Билиҥҥи туругунан 16 эбийиэк урут сөбүлэһиллибит болдьохторун ситиспэт кутталлаахтар. Ол курдук, Чульман (Альфа-Кондор), Чокуурдаах (КСК-Лидер) уонна Харыйалаах (СПК Техстрой) нэһилиэнньэлээх пууннарга дьиэни тутуу 50%-на эрэ оҥоһулунна. Оттон бу олорор дьиэлэр бары сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киириэхтээхтэр этэ.
“Болдьохторун ситиспэтэх тутааччылар араас төрүөтү холобурдууллар. Сир тоҥуутун киһи өссө ылынар буоллаҕына, үлэһит тиийбэтин холобурдааһын – эппиэтинэс намыһаҕын көрдөрөр», — диэн бэлиэтээтэ Дмитрий Садовников. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы тутааччыларга ыстарааптары санатта уонна бырабыыталыстыба дуогабардарынан эбэһээтэлистибэлэри толорорго үлэни түргэтэтэргэ сорудахтаата. “Биһиги, биллэн турар, дуогабардары тохтотор бырааптаахпыт уонна, бүтэһик ньыма быһыытынан, маны оҥоруохпут. Ол гынан баран, итинник хардыы тутууну өссө хойутатар диэн өйдүүбүт. Онон, бастатан туран, бэдэрээтчиттэр үлэни күүһүрдүөхтээхтэр уонна эбийиэктэри төһө кыалларынан түргэнник үлэҕэ киллэриэхтээхтэр. Дьон өр күүппүт кыбартыыраларын түргэнник ылалларыгар бары өттүлэр интэриэстээхтэр”, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Былаан быһыытынан, «2019-2025 сылларга хаарбах дьиэ пуондатыттан көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан 46 тыһыынча кэриҥэ киһини көһөрүү ирдэнэр. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирбит “Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак чэрчитинэн 40 тыһыынча кэриҥэ киһи дьиэлэрин усулуобуйатын тупсарда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: