Дьохсоҕоҥҥо оҕолор оһуокайдаан дьиэрэттилэр

Дьохсоҕоҥҥо оҕолор оһуокайдаан дьиэрэттилэр

Ааптар:
07.04.2024, 20:03
Хаартыскалар А.Константинова тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Таатта улууһугар Дьохсоҕоҥҥо «Оҕо саас күннээх оһуокайа» диэн олус сэргэх, болҕомтону тардар тэрээһин ыытылынна.

Манна нэһилиэк-нэһилиэк аайыттан түһүлгэҕэ түмсүбүт оҕолор оһуокайдаан дьиэрэттилэр. Көрөөччүлэр, истээччилэр да оҕолору өйөөтүлэр, ытыстарын тыаһын харыстаабатылар, үтүө-кэрэ тылларынан сүргэлэрин көтөхтүлэр, тирэх буола олордулар. Бу бэртээхэй тэрээһини оһуокайы оройуттан туппут, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ааттаах-суоллаах оһуокайдьыт Афанасий Николаевич Попов, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтиттэн фольклору иилээн-саҕалаан таһаарыылаахтык үлэлэтэр Майя Гаврильевна Егорова, Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтэ (Дьохсоҕон)  иккис төгүлүн тэрийэн ыыттылар.

Санатар буоллахха, бастакы маннык күрэс 2019 сыллаахха Дьохсоҕон олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна, көмүс куоластаах ырыаһыт, тойуксут Татьяна Михайловна Халыева 80 сааһыгар ананан олус сэргэхтик ыытыллыбыта. Онтон ыла оһуокайдаары сэмээр кэтэһэр, оһуокайынан умсугуйан дьарыктанар оҕолор улууска элбээн испиттэрэ. Дьэ, онтон биэс сыл буолан баран, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, оһуокай үтүөлээх этээччитэ, Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо Ыһыаҕар «Кылаан Чыпчаал» үрдүк аатын ылбыт Афанасий Николаевич Попов тэрийсиитинэн бу быйылгы тэрээһин ыытылынна.

Түһүлгэҕэ улуус тоҕус оскуолатыттан бастыҥ оһуокайдьыт оҕолор түмүстүлэр. Барыта 17 кыыс уонна 6 уол ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан, тылларын-өстөрүн чочуйан, үчүгэйдик бэлэмнэнэн, таҥнан-симэнэн, туттан-хаптан кэлэн кыттыбыттара харахха тута быраҕыллар. Сүргэни көтөҕөр.

Ол курдук, Уус Таатта, Уолба, Чычымах, Харбалаах, Кыйы, Чөркөөх, Ытык Күөл 1 №-дээх, композитор, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ф.С.Аргунов аатынан оҕо музыкатын оскуолатын, Дьохсоҕон орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ күрэстэстилэр.

Оҕолор мустубут түһүлгэлэригэр ыҥырыылаах ыалдьыт, СӨ култууратын туйгуна, алгысчыт Иван Федотович Иванов  кэлэн алгыс тылын тириэртэ. Бу үөрүүлээх уонна долгутуулаах тэрээһининэн Афанасий Николаевич Поповка, бары ыалдьыттарга уонна тэрийээччилэргэ махтанна, эҕэрдэлээтэ. Салгыы эҕэрдэ истиҥин «Оһуокай» уопсастыба, улуустааҕы култуура, үөрэх управлениелара, Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга В.А.Охотин,  нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтэ тиэртилэр.

Күөн күрэскэ дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ оһуокай үтүөлээх этээччитэ Иван Федотович Иванов, СӨ оһуокай үтүөлээх этээччитэ Иван Иванович Потапов, СӨ култууратын туйгуна Марианна Константиновна Решетникова үлэлээтилэр, сыаналаатылар.

Тэрээһин олус сэргэхтик, биир тыынынан барда. Түмүккэ дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан анал ааттар туттарылыннылар. 

«Хорсун этээччи» — Дьулустаан Малышев (Дьохсоҕон); «Кэскиллээх этээччи» — Собакин Руслан (Уолба); «Кэскиллээх этээччи» — Семенова Айаана (Уолба); «Киэҥ түһүлгэлээх этээччи» — Гоголева Саина (Чөркөөх); «Түөлбэ үгэһин тутааччы» — Степанова Сардаана (Дьохсоҕон); «Кэрэ кылыһахтаах этээччи» — Сабарайкина Карина (Кыйы); «Чуор куоластаах этээччи» — Харайданова Паша (Дьохсоҕон); «Уран тыллаах оһуокайдьыт» -Макарова Симона (Дьохсоҕон); «Тэтимнээх этээччи» — Абдрахманова Айжан (Ытык Күөл); «Түһүлгэ арыйыыта» — Бурцева Дарияна (Харбалаах).

Уолаттар олус үчүгэйдик кытыннылар. Көрөөччүлэр да астыннылар, киэн тутуннулар. Уолаттарга 3 бириистээх миэстэни Назаров Игорь (Ытык Күөл) ылан дьонун-сэргэтин үөртэ. Иккис бочуоттаах миэстэҕэ Окоемов Айтал (Кыйы) таҕыста. 1 миэстэни Уус Тааттаттан кыттыыны ылбыт Никита Лукин ылан үөрүү-көтүү үктэллэннэ.

Кыргыттар да чуор куоластарынан хайҕалы ылыахтарын ыллылар. Үһүс миэстэҕэ Колодезникова Алена (Уус Таатта) таҕыста. Иккис бочуоттаах миэстэни Харбалаах оскуолатын үөрэнээччитэ Фёдорова Айсаана ылан үөрдэ-көттө. Кыайыылааҕынан Чычымах оскуолатын үөрэнээччитэ Кычкина Лилия тахсан үөрүү өрөгөйө буолла.

Долгутуулаах «Кылаан чыпчаал» аатын туттарыы уруйунан-айхалынан арыалланна. Ол курдук, бу күөн күрэскэ кыттан уолаттарга «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын ылары ситистэ Чөркөөх оскуолатын үөрэнээччитэ  Айхал Поисеев. Оттон кыргыттарга эмиэ эрбии тииһин курлук эгил-тэгил эриһии кэнниттэн, быйылгы күрэс кыайыылааҕынан тахсан «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын ылла Дьохсоҕон орто оскуолатын үөрэнээччитэ, оһуокайы оройуттан туппут Айыллаана Попова. Бу оҕолор иккиэн  А.Н.Попов олохтообут анал бириистэрин — 20 000  солк. туттулар. Уонна «Оһуокай» уопсастыба олохтообут бириэмийэтин тутан үөрдүлэр. Кыттыбыт оҕолорго бука барыларыгар махтанан туран, тэрийээччилэр бириэмийэлэри туттараннар, оһуокайдьыт оҕолор үөрүүлэрэ үрдээтэ.

«Оҕо саас күннээх оһуокайа» бэртээхэй күөн күрэскэ бириистэри туруордулар: 

Александр Джурович Данилов салайааччылаах «Оһуокай» уопсастыбата, Таатта улууһун култууратын салаата (Г.Г.Вырдылин), улуустааҕы үөрэх салаата (И.И.Дягилев), Дьохсоҕон нэһилиэгин дьаһалтата (В.А.Охотин), Дьохсоҕон орто оскуолата (В.Д.Петрова), Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтэ (И.С.Жараева), «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара» бөлөх (А.Н.Попов), култуура бэтэрээнэ Т.М.Халыева, оһуокай үтүөлээх этээччилэрэ И.И.Потапов, И.Ф.Иванов, Л.А.Попова, оһуокай күрэһин мэлдьи кыраҕытык кэтээн көрөр, санааларын үллэстэр уонна маннык тэрээһиннэри куруук өйүүр С.К. уонна М.Л.Архиповтар дьиэ кэргэн.
Түөрт чаастаах оһуокай түһүлгэтин кэнниттэн, дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарар кэмигэр оҕолор төбүрүөннээн олорон Афанасий Николаевич, салайааччылар Таатталыы оһуокай ньымаларын кистэлэҥнэрин сэһэргииллэрин сэргээн, сэҥээрэн иһиттилэр, үөрэ-көтө үөрэннилэр.

Туймаада хочотуттан СӨ «Оһуокай» уопсастыбатыттан «Дархан этээччи» В.В.Хорунов, СӨ оһуокай үтүөлээх этээччитэ С.П.Алексеев оҕолор этэр таһымнара үрдээбитин тоһоҕолорн бэлиэтээтилэр. Олус үчүгэй тэрээһин сүргэлэрин көтөхпүтүн эттилэр. Түһүлгэҕэ мустубут бары ыалдьыттарга, тэрийээччилэргэ үтүө баҕа санааларын эттилэр. Оһуокайы сэҥээрээччигэ, бэтэрээн учууталга С.К.Архиповаҕа махтал суругу дохсун ытыс тыаһыгар арыаллатан туттардылар. Төрүт угэспит — оһуокайбыт сайдарыгар кытаатыҥ, кыһамньыгытын ууруҥ диэн баҕа санааларын кытта кыттыбыт оҕолорго харчынан бириэмийэлэри туттардылар. Түмүккэ Валентин Васильевич Бүлүүлүү оһуокайы таһааран киэҥ түһүлгэни олохтоото.

Түгэнинэн туһанан тэрийээччилэр бары спонсордарга, кыттааччыларга, салайааччыларга, оһуокайы сэҥээрээччилэргэ барыларыгар махтал маанытын тиэртилэр. Үөрэххэ, үлэҕэ ситиһиини, уйгулаах олоҕу, чэгиэн доруобуйаны баҕардылар.

И.Жараева, М.Егорова,

Таатта.

Хаартыскалар А.Константинова тиксэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: