Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан салгын суудуналарынан дьону таһыы тохтоото
Дьокуускай куорат аннынан муус хойуутук устар. Дьокуускай — Аллараа Бэстээх маршрутунан Өлүөнэ өрүскэ барыта 30 суудуна: 10 — «Хивус» уонна 7 — «Тайфун» аэроботтар үлэлээбиттэрэ. Өлүөнэ өрүскэ гидрологическай балаһыанньа уустугурбутунан, ыам ыйын 16 күнүттэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх маршрутунан пассажирдары салгын суудуналарынан тиэйии тохтоото.
«ЛенаВодСервис» салайааччыта Борис Строев иһитиннэрбитинэн, маннык быһаарыы куттал суох буолууну хааччыйар сыалтан ылылынна.
«Эбэ мууһа хойуутук устар. Бүгүн киэһэ эбэтэр сарсын муус барыыта арыый да аҕыйыа. Баҕар, бээтинсэттэн, пассажирдары таһыыны саҥардыахпыт. Ол эрээри, барыта өрүс мууһун барыытыттан тутулуктаах», — диэтэ Борис Строев.
Бүгүҥҥү күнтэн Маган аэропордуттан Павловскайга «Полярные авиалинии» АХ пассажирдары М-8 бөртөлүөтүнэн таһыы оҥоһуллар. Билиэттэр бөртөлүөт 2 чаас көтүөн иннинэ, аэропорт кассатыгар (төл.: 40-60-36 ) уонна Павловскайга бөртөлүөт түһэр былаһааккатыгар атыыланаллар. Рейстэр бөртөлүөккэ дьон толору буолар түгэнигэр оҥоһуллаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: