Дьокуускай куоракка полиция үлэһиттэрэ суумкаттан харчы уорбутттарын арыйдылар диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Арассыыйа Ис Дьыалаҕа министиэристибэтин Дьокуускайдааҕы салалтатын 3 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар дьахтар суумкатыттан биллибэт киһи 18 тыһ. солк. уорбут диэн үҥсүү суруйбут.
Суһал-көрдүүр үлэ түмүгэр полиция үлэһиттэрэ уорууга 49 саастаах олохтоох дьахтар кыттыгастааҕын быһаарбыттар.
Быһаарыллыбытынан, эмсэҕэлээбит дьахтар суумкатын Богдан Чижик уулуссатыгар турар олорор дьиэ подъеһын иннигэр умнан кэбиспит. Ааһан иһэр дьон суумканы ыланнар дьиэ консьержкатыгар ирдэһиэхтэригэр диэри харайарыгар туттарбыттар. Консьержка суумка иһигэр 18 тыһыынча солкуобай харчы баарын көрбүт уонна уорбут.
РФ Холуобунай кодексатын 158 ыстатыйатын 2 чааһынан «Уоруу» холуобунай дьыала тэрилиннэ, бу ыстатыйанан буруйданаччы 5 сылга диэри болдьоххо көҥүлэ быһыллыан сөп.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038