Дьокуускай куорат юнармеецтары бэлэмниир киинэ «Лучший дом «ЮНАРМИИ» дойдутааҕы күрэҕэр кыайда
Ыам ыйын 26-29 күннэригэр Московскай уобаласка «ЮНАРМИЯ — семьЯ» дойдутааҕы тематическай пуорум буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ Арассыыйаттан, Беларусь өрөспүүбүлүкэтиттэн уонна Арменияттан, барыта 84 субъектан, 600-тэн тахса юнармеец уонна настаабынньык кыттыыны ылла.
Пуорумҥа Саха сириттэн сэттэ киһи кытынна. Ол курдук, «Арассыыйа лиидэрдэрэ» дойдутааҕы күрэс эрэгийиэннээҕи түһүмэҕин кыайыылаахтара — Эрсан Макаров, Эрхан Андросов, Кирилл Клюсов, Дэвид Слепцов уонна Антон Потапов. Ону тэҥэ «Бастыҥ настаабынньык» анал аат кыайыылаҕа, «ЮНАРМИЯ» ыстаабын чилиэнэ Симона Томская уонна «ЮНАРМИЯ» эрэгийиэннээҕи ыстаабын салайааччыта Александр Кузьмин кыттыыны ыллылар.
Маны таһынан, Симона Томская «ЮНАРМИЯ лиидэрдэрэ» идэтэйбит маастарыстыба дойдутааҕы күрэхтээһитигэр үһүс миэстэ буолла. Оттон Александр Кузьмин дойду оборонаҕа министиэристибэтин байыаннай-политическэй уорганнарын туйгун бэлиэтинэн наҕараадаланна.
Саха сирин делегациятыгар «Юнармия — семьЯ» дойдутааҕы тематическай юнармейскай пуорум дипломун туттардылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: