Дьокуускайдааҕы ГРЭС 55 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир
Тохсунньу 10 күнүгэр «Якутскэнерго» АУо Дьокуускайдааҕы ГРЭС 55 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир.
Бу күн 1970 сыллаахха бастакы гаас турбината ититэр ситимҥэ холбоммута уонна Саха сирин экэнэмиичэскэй, ону кытта бырамыысыланнай сайдыытыгар ураты олук ууруллубута.
«Дьокуускайдааҕы ГРЭС чахчы барытынан ураты. Биһиги дойдубутугар аан бастакытын ититэр электростанция сыбаайа үрдүгэр ирбэт тоҥ сиригэр тутуллубута. Манна аан бастаан 25 МВт кыамталаах дойдубут гаас турбината туһаныллыбыта. Ол кэннэ биир сылынан станция кыамтата 100 МВт тиийбитэ, салгыы Дьокуускай куорат электроэниэргийэни сайыннарыыга наадалаах көмөнү ылбыта», — диэн «Якутскэнерго» АУо пресс-сулууспатыгар бэлиэтээтилэр.
2019 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри туспа эниэргийэ ситимигэр сылдьан, Дьокуускайдааҕы ГРЭС 94% электроэниэргийэнэн Саха сирин киин улуустарын уонна Дьокуускай куорат 54 % ититиинэн хааччыйбыта. Саха сирэ Арассыыйа биир кэлим тиһигэр холбоспутун кэнниттэн, 2017 сылга Дьокуускайдааҕы ГРЭС-2 үлэҕэ киирэн өрөспүүбүлүкэ туһанааччыларын эрэ буолбакка, Уһук Илини электроэниэргийэнэн хааччыйар. Билигин Дьокуускайдааҕы ГРЭС сайдыылаах эбийиэк, манна оборудованиета мэлдьи саҥардыллар уонна уларытыллар. Станция үлэһиттэрэ хас да көлүөнэ энергетиктэр үлэлэрин салгыыллар. «Салаа ситиһиилэрэ — бу хас да көлүөнэ энергетиктэр үрдүк таһымнаах үлэлэрэ. Станцияны тутууга үлэлэспит уонна манна үлэлии сылдьар хас биирдии энергетик Саха сирин экэниэмикэтин сайыннарыыга туруоруллубут бары соруктары ситиһэллэр», — диэн эттэ «Якутскэнерго» ПАУо генеральнай дириэктэрэ Гаврил Алексеев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: