Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларын үлэһиттэрэ кэллиэгэлэригэр көмөлөһөллөр

Share

Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларын үлэһиттэрэ кэллиэгэлэригэр  көмөлөһөллөр.

Байыас Павел Моякунов дьиэтэ баһаарга былдьаммыта. Онон билигин Мархаҕа кини дьиэтин тутарга, кадеттар оскуолаларын үлэһиттэрэ турунан көмөлөһөллөр. Атырдьах ыйыгар иккитэ анаан-минээн тахсан үлэлээтилэр, тутааччыларга көмөлөстүлэр.

— Биһиги Павел Моякуновы үчүгэйдик билэбит. 2006-2016 сс. Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларыгар иитээччи офицерынан үлэлээбитэ. 2016 сылтан бу үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы, — диэн кэпсиир Николай Баланов, Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларын каадырга сүрүннүүр исписэлииһэ.

Санатан эттэххэ, Павел Моякунов байыаннай дьайыыга сылдьар кэмигэр, быйыл олунньуга Мархаҕа дьиэлэрэ умайбыта. Кэргэнэ оҕолоро быыһаммыттара. Оттон дьиэ-уот, таҥас-сап, докумуон барыта уокка былдьаммыт. Эмсэҕэлээбит дьиэ кэргэҥҥэ көмө тута оҥоһуллубут.

Хаартыска «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи салаатын пресс-кииниттэн

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago