Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияҕа Юрий Спиридонов быыстапката турда

Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияҕа Юрий Спиридонов быыстапката турда

07.10.2022, 12:33
Бөлөххө киир:

Мин бу күһүн Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияҕа  сылдьан, репортаж оҥорон турардаахпын. Онно оскуола үһүс этээһигэр худуоһунньуктар уруһуйдарын этюдтара кэккэлэспитин көрөн, бэркэ сэргээбиттээҕим. Онуоха оскуола дириэктэрэ Валентина Пермякова,  бу үлэни педагогическай наука хандьыдаата, өр сылларга дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээбит Светлана Алексеевна Гоголева  сүрүннүүрүн кэпсээбитэ.

Бүгүн бу оскуолаҕа РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай худуоһунньуга Юрий Спиридонов уруһуйдарын быыстапката турда. Оскуолаҕа ускуустуба кэрэ эйгэтин сүрүннүүр Светлана Гоголевалыын кэпсэттим:

— Биһиги оскуолабыт иһинэн оҕо мусуойун киинэ үлэлээбитэ номнуо 23 сыл буолла. Манна саха худуоһунньуктарын айымньыларын бастайааннай экспозицията баар. Ону таһынан, худуоһунньуктар быыстапкалара тиһигин быспакка тэриллэн ыытыллар. Ол курдук, ааспыт үөрэх дьылыгар биллэр худуоһунньук Иннокентий Корякин, эдэр худуоһунньук, уопсастыбанньык Мира Аргунова, аквалерист Люция Слепцова тус быыстапкалара буолбуттара. Балаҕан ыйын 27 күнүттэн СӨ норуодунай худуоһунньуга Юрий Васильевич Спиридонов айар үлэтин быыстапката арылынна. «Арктика уобараһа» (Образ Арктики) диэн ааттаммыт гимназиябыт уонна Дьокуускай куорат «Үргэл» арт-галерея оҕолору иитэр-үөрэтэр бырайыактара буолар. Манна худуоһунньук Арассыыйа уонна тас дойдулар таһымнарыгар биллибит айымньылара турдулар. Холобур, «Мой путь», «Автопортрет в Гренландии», «Долгая песня», «Хозяин Момских гор», о.д.а. Быыстапка аһыллыытыгар Юрий Васильевич үөрэнээччилэрбитигэр тус бэйэтин айар үлэтин, саха ускуустубатын туһунан кэпсээбитэ. Быыстапка оскуолабытыгар үөрэх чиэппэрин устата, сэтинньи 1 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.

Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия хаартыскалара туһанылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: