Дьокуускайдааҕы ТЭЦ исписэлиистэрэ магистральнай линия дьиэгин туораталлар
Дьокуускайдааҕы ТЭЦ исписэлиистэрэ тугу өрөмүөннүүллэрий?
Дьокуускайдааҕы ТЭЦ исписэлиистэрэ “Новопорт” кииннэммит ититэр пуун диэки Өктөөп 50 сыла уулуссаҕа магистральнай ититэр ситим учаастагар тахсыбыт дьиэги өрөмүөннүүллэр. Бу үлэ кэмигэр сылааһынан уонна итии уунан хааччыйыы температурата кыратык намтыан сөп. Маныаха Хатыҥ Үрэх уонна “Новопорт” түөлбэлэрин олохтоохторо киирсэллэр. Үлэни 18:00 ч диэри түмүктүөхтэрэ диэн эрэнэллэр.
Бүгүн 8:30 чааска оройуон ититэр ситимин дьуһуурунайа 12/4 сылааһынан хааччыйар пуунтан “Новопорт” киин ититэр ситим пуунун диэки магистральнай сылааһынан хааччыйар ситим турбаларыгар алдьаныы тахсыбытын туһунан иһитиннэриини ылбыта. 26 №-тэн 37 нүөмэрдээххэ диэри тирэх хамсаабыт. Миэстэтигэр тута Дьокуускайдааҕы ТЭЦ суһал биригээдэтэ тиийбит. Бу учаастакка турбаны сөптөөх балаһыанньаҕа олордор үлэни ыытыахтара.
Дьокуускайдааҕы ТЭЦ пресс-сулууспата
Хаартыска: тустаах саайтан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: