Дьокуускайга 20-с №-дээх оскуолаҕа спортивнай саала аһылынна
Дьокуускайга 20-с №-дээх оскуола саҥа спортивнай саалатын аһыллыыта буолла. Саала бэрэсидьиэн Уһук Илиннээҕи «Биир кэлим субсидиятыттан» үп көрүллүбүт. Бу бэрэсидьиэн сорудаҕынан, «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн, социальнай эбийиэктэри өрөмүөннээһин, саҥардыыга федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр.
Үөрүүлээх аһыллыыга бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина кытынна. Кини бу саалаҕа дьарыктанан, олимпийскай чөмпүйүөннэр үүнэн тахсалларыгар баҕарда.
Спортивнай саала спорт араас көрүҥүнэн дьарыктанарга анал тэриллэринэн хааччыллыбыт. Саала иэнэ — 466 кв.м. Физкультуура уруоктарыгар, ону тэҥэ, иллэҥ кэмҥэ спордунан дьарыктанарга аналлаах. Бу иннинэ оҕолор куорат араас саалаларыгар баран, үөрэнэр, физкультууранан, спордунан дьарыктанарга күһэллэллэрэ.
Бэрэсидьиэн «Биир кэлим субсидиятын» чэрчитинэн, Уһук Илиҥҥэ барыта 1,6 тыһыынча эбийиэк тутуллубут уонна өрөмүөннэммит, ол иһигэр: 67 балыыһа, 153 оскуола, 30 оҕо саада, 43 култуура дьиэтэ, 63 спортивнай эбийиэк. Маны тэҥэ, бу социальнай эбийиэктэргэ анал тэрил атыылаһыллар.
Саха сиригэр бэрэсидьиэн субсидиятынан Алдаҥҥа уонна Дьокуускайга икки спортивнай комплекс тутулуннулар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: