Дьокуускайга 2030 сылга диэри хаарбах дьиэттэн көһөрүү былааныгар 979 дьиэ киирдэ

Share

Саха сирин Бырабыыталыстыбата 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан Дьокуускай куорат иһигэр хаарбах дьиэлэринэн билиниллибит дьиэлэртэн көһөрүү былаанын кыраапыгын бигэргэтэр үлэни ыытар. Былаан кыраапыгар быһа холоон 979 элбэх кыбартыыралаах дьиэ киирдэ диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Социальнай ситим нөҥүө быһа эпиир кэмигэр өрөспүүбүлүкэ тутууга министирэ Виктор Романов РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин уокурук куораттарын сайыннарыыга сүбэ мунньаҕар, өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар 2030 сылга диэри саахалланар туруктаах олорор дьиэ пуондатыттан дьону көһөрүүнү түмүктүүрүгэр сорудахтаабытын санатта.

«Ааспыт, 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри Дьокуускай куоракка саахалланар туруктаах, хаарбах дьиэлэринэн билиниллибит пуондаттан 2030 сылга диэри дьону көһөрүөхтээхпит. Биһиги былаан кыраапыгын оҥорон Территориялары сайыннарыы пуондатыгар сөбүлэһиннэриигэ ыыттыбыт. Онно 32 тыһыынча киһи олорор 979 элбэх кыбартыыралаах дьиэ киирдэ – бу олус улахан кэриҥнээх. 2030 сылга диэри биһиги 427 тыһыынча кв.м иэннээх хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүөхтээхпит», – диэн иһитиннэрдэ Виктор Романов.

Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрөр соруктары быһаарарга өрөспүүбүлүкэҕэ тутууну ыытыыны улаатыннарыы наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
«Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сүбэ мунньах түмүгүнэн биэрбит сорудаҕын толоруу – Дьокуускайга хаарбах дьиэттэн көһөрүү кыһалҕатын бүтүннүү быһаарыаҕа. Бу биһиги иннибитигэр турар болдьоҕор толоруллуохтаах сүрүн сорук буолар», – диэн эппитэ Айсен Николаев.

Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ дьону хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киирэр. 2024 сыл муус устар 10 күнүнээҕи туругунан 740,83 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх хаарбах туруктаах дьиэ пуондатыттан 40,2 тыһыынча киһи көһөрүлүннэ. 2019 сылтан саҕалаан бу бырагыраама чэрчитинэн Саха сиригэр 244 элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ. 2024 сылга өссө 93 элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуллара күүтүллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

3 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

39 минут ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

60 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

2 часа ago