Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр сэттэ буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ диэн СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.
Алдан оройуонугар 33 саастаах дьахтар доруобуйатын улаханнык эчэттилэр. Уорбаланааччыны быһаардылар.
Дьокуускайга баан счетуттан 596 тыһ. солк. уордулар.
Киин куоракка уонна Нерюнгри оройуонугар түөкүттэр 3 мөл. солк. тахса харчыны уордулар.
Нерюнгрига наркотигынан эргиммиттэрэ билиннэ.
Дьокуускайга Лермонтов уулуссатыгар баар дьиэ иккис этээһиттэн түннүктэн 58 саастаах эр киһи суулунна. Эр киһини госпитализациялаатылар.
Сунтаарга чааһынай дьиэ умайда. Баһаар буолбут сириттэн 32 саастаах эр киһи өлүгүн буллулар. Уот туохтан барбытын быһаараллар.
Ленскэй уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар суол саахаллара буолбут, онно үс киһи эчэйбит.
Суукка иһигэр итирик туруктаах 13 суоппары туттулар.
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…