Салгыы
Дьокуускайга Бастакы Бэрэсидьиэммит өйдөбүнньүгүн таһыгар саҥа уопсастыбаннай эйгэ баар буолуоҕа

Дьокуускайга Бастакы Бэрэсидьиэммит өйдөбүнньүгүн таһыгар саҥа уопсастыбаннай эйгэ баар буолуоҕа

03.08.2024, 17:06
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускайга тутулла турар эбийиэктэри кэрийэ сылдьан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев өйдөбүнньүгэ туруохтаах сирин көрдө, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

Бастакы Бэрэсидьиэн өйдөбүнньүгүн ханна туруорарга элбэх сир көрүллүбүтэ, этии киирбитэ: Курашов уулуссатыгар Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин таһыгар, Комсомольскай болуоссакка, автовокзал таһыгар, ол эрээри М.Е. Николаевы үйэтитэр хамыыһыйа араас барыйааны үөрэтэн баран, Дежнев уулуссатын, Сэргэлээх шоссетын уонна Михаил Николаев аатынан проспект быһа охсуһууларыгар баар миэстэни талбыта.

“Онно балачча улахан иэннээх сир сытар. Бу оройуоҥҥа киин куорат саҥа инновационнай киинэ тутуллуохтаах, ол курдук Арктическай киин тутулла турар, киинэ павильонун тутуу саҕаланыахтаах, былааҥҥа – ВУЗ-тар икки ардыларынааҕы кампус тутуллуохтаах, ипподром салгыы сайдыахтаах, онон бу сир Дьокуускай сайдыытыгар суолтата улаатаары турар. Куонкурус ыытыллан бүппүтүн, Бастакы Бэрэсидьиэн өйдөбүнньүгэ турбутун кэннэ, манна бэртээхэй уопсастыбаннай эйгэ баар буоларыгар эрэнэбин”, — диэтэ Айсен Николаев.

Эрэгийиэн баһылыга өйдөбүнньүк бырайыагын Дьокуускай маастар-былааныгар сөп түбэһиннэрэн оҥороллоругар сорудахтаата: “Өйдөбүнньүк уонна тулатынааҕы сир дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар миэстэлэрэ буолуохтаах. Бу сир улуу киһи туһунан өйдөбүлү иҥэрэн, кэлэр көлүөнэлэргэ тиэрдэ туруохтаах”.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 80% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: